Икки күннээх үлэҕэ тэрилтэлэр көхтөөхтүк кытыннылар

Бэс ыйын 6-7 күннэригэр Гражданскай оборона (ГО) чэрчитинэн, нэһилиэккэ сылын аайы ыытыллар хомунуу, ыраастаныы субуотунньуга көхтөөхтүк буолан ааста.

Бу үлэни нэһилиэк баһылыга Эдуард Филиппов, дьаһалта үлэһиттэрэ уонна «Сунтар» МАУ тэрийэн ыыттылар. Улахан көмөнү нэһилиэк уонна улуус Сэбиэтин дьокутааттара оҥордулар.

Субуотунньукка Сунтаар улууһун дьаһалтата, нэһилиэк тэрилтэлэрэ, урбаанньыттар, оскуолалар, уһуйааннар үлэһиттэрэ, түөлбэлэр олохтоохторо бары күргүөмнээхтик, таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрин бэлиэтиир наадалаах. Маны сэргэ оҕолор эмиэ кыттыһан, элбэх бөҕү хомуйдулар.
Уопсайа ГО-ҕа 16 тиэхиникэ таҕыста. Ол курдук, 3 грейдэр тахсан уулуссалары тэҥнээтэ, сыбаалкаҕа таһыллыбыт бөҕү 1 бульдозер сааһылаан биэрдэ, 3 погрузчик үлэлээтэ. Сэлиэнньэ иһигэр мунньуллубут бөҕү 6 массыына, 1 МТЗ трактор уонна 2 манипулятор быыстала суох тастылар.

Икки күн иһигэр куулламмыт бөх, быраҕыллыбыт араас тимирдэр, кыһыны быһа мунньуллубут туһата суох тэриллэр хомулуннулар.

Эдуард Филиппов бэлиэтээбитинэн, быйыл ыраастаныы үлэтэ барар кэмигэр күммүт-дьылбыт туран биэрдэ уонна нэһилиэк тэрилтэлэрэ бары биир киһи курдук, эйиэнэ-миэнэ диэбэккэ Сунтаарбыт туһугар таһаарыылаахтык үлэлээтилэр. Нэһилиэкпит олоҕор-дьаһаҕар куруук күүс-көмө буолар тэрилтэлэри бэлиэтии этэ. Ол курдук, «Сунтарцеолит», «Сунтаравтодор», «Главстройкомплекс», «ДабанСтрой», «Тэтим», Аэропорт, ОДьКХ ГУТ Сунтаардааҕы филиала, баһаарнай чаас, ЖКС, оскуолалар, Сунтаардааҕы технологическай колледж, «Партизан» НАТК уонна үтүө санаалаах Сунтаар урбаанньыттара: Геннадий Попов, Иван Тарасов, Игорь Алексеев, Александр Иванов, Гаврил Данилов уонна да атыттар.

Сүрүннээн, субуотунньук үлэтэ нэһилиэк иһин хомуйуу, санитарнай ыраастаныы быһыытынан барда.

Нэһилиэкпит иһин ыраастык тутуу үлэтэ салҕанан бара туруо, хас биирдии олохтоох дьиэтин тэлгэһэтиттэн саҕалаан, төрөөбүт Сунтаарын харыстаан, хомуйан чэбэрдик тутуо диэн эрэнэбит.

«Сунтаар нэһилиэгэ» МТ дьаһалтата

Читайте дальше