Ийэлэри кытта өйү-санааны бөҕөргөтөр кэпсэтии

Бүгүн, К.С, А.В. Тихоновтар ааттарынан «Кыталык» култуура киинигэр төрүт итэҕэли көҕүлээччи Александра Константинова,
Валентина Федорова
ийэ күнүн чэрчитинэн ыытыллар нэһилиэкпит
күн күбэй ийэлэригэр — дьону сырдыкка сирдиир, олоххо эрэли үөскэтэр, өбүгэлэрбититтэн кэлбит саха итэҕэлин тула наһаа интэриэһинэй,
кэскиллээх кэпсэтии түһүлгэтин тэрийдилэр.
Манна сахалыы оһуор тутулун, руналар кистэлэҥнэрин, киһи кистэлэҥ дьоҕура муҥура суоҕун туһунан кэпсээннэрэ, быһаарыылара дьон сэҥээриитин ылыан ылла. Мустубут дьон ыйытыктарыгар эппиэттээтилэр. Араас кинигэлэри көрдөрдүлэр.
Өйү — санааны бөҕөргөтүүгэ
сүбэлэри биэрдилэр. Тэрээһиҥҥэ кэлбит дьон сүрдээҕин сэҥээрэн аны өссө даҕаны маннык көрсүһүүлэр буолалларыгар баҕа санааларын эттилэр.

Надежда ПАВЛОВА

Читайте дальше