Болҕойуҥ, саҥа рубрика! Кэлиҥҥи кэмҥэ төрөөбүт төрүт тылбытынан ыраастык саҥарыы мөлтөөбүтүн ааһан, оҕолор 2-3 тылынан булкуйан хайа омуктуу саҥараллара биллибэккэ дылы. «Оҕо кинигэни аахпат буолла …» диэн этии эмиэ элбээтэ. Төрөппүт бэйэтэ күн устата төлөпүөнүн тутан баран сырыттаҕына, оҕо хайдах даҕаны ылла даҕаны кинигэни арыйа баттаабат.
Күндү ааҕааччыларбыт, төрөппүттэр, эбээлэр, эһээлэр! Биһиги таһаарыыларбытыгар оҕолорго анаан классик суруйааччыларбыт, аныгы кэм ааптардарын тэттик кэпсээннэрин таһаарар буолуохпут. Оҕолорбутун кытта ааҕыаҕыҥ, оҕо тылын-өһүн, толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыаҕыҥ.
Юлия-Айархаана АЛЕКСЕЕВА
Николай Якутскай «Булчуттар үгэстэрэ» кинигэтиттэн кэпсээн.
Күөл ортотугар элбэх баҕайы хара кустар көстөллөр. Туох кустар сылдьалларын билээри, аҕабыттан ыйытабын:
– Аҕаа, ол күөл ортотугар туох кустар сылдьалларый?
Аҕам, ааҕан эрэрдии, өр соҕус одууласпахтаан баран:
– Тоойуом, анды оҕолоро сылдьаллар, – диир.
Мин анды оҕолорун урут көрбөт этим. Алааспытыгар атын кустар оҕолорун киллэрээччилэр. Уу кытыытыттан, от иһиттэн тыһы кус көтөр. Оҕолоро биэс-алта, арыт аҕыс-тоҕус буолан, күөлгэ сырсан чөкөрүһэн киирэллэрэ. Ол киирэн иһэн:
– Чуть-чуть-чуть! – дэһэллэр. Ол, мин санаабар, – «чуут-чуут түбэһэ сыстыбыт ээ!» дэһэргэ дылы этилэр.
– Аҕаа, ити анды оҕолоро тоҕо элбэхтэрий?
– Андылар бары оҕолорун биир анды көрүүтүгэр-ха-райыытыгар хаалларан бараллар.
Мин итэҕэйбэппин, андылар хайдах кэпсэтэн, оҕолорун биир тыһы көрүүтүгэр-харайыытыгар хаалларан барыахтарын сөбүй?
– Аҕаа, атын тыһылар ханналарый?
– Сэгэриэм, соҕуруу, ичигэс, кыстыыр сирдэригэр барбыттара ыраатта.
Ити күнтэн ыла, бу күөлгэ киирдэрбин эрэ, анды оҕолорун көрөбүн, кэтиибин. Арай биирдэ элиэ обургу, көтө тэлээрэн, анды оҕолоругар тиийбитэ. Онно ийэ анды сапсына-сапсына, боотурҕаан эрэрдии:
– Тах-тах-тах! – дии-дии тула холоруктуур. Анды оҕолоро, ууга умсан, сүтэн хаалаллар. Элиэ, кураанахха эргийэ сатаан баран, тыаҕа тахсар.
Хойут, улаатан баран билбитим, кырдьык, андылар оҕолорун күөлгэ киллэрэн, биир тыһы андыга хаалларан бараллар эбит. Анды оҕолорун кытта биир кырдьаҕас тыһы хаалан, дэгиэ тыҥырахтаахтан, ардай аһыылаахтан көмүскэһэр, харайар, соҕуруу ичигэс сиргэ сирдээн илдьэр, кыстыыр сирдэрин булларар.
Күһүн, муус тоҥорун чугаһыгар, анды оҕолоро көтөллөр. Онуоха диэри суос-соҕотох ийэлэрэ кинилэри кытта бииргэ сылдьар. Киниттэн ураты атын ийэни анды оҕолоро билбэттэр.
Арыт эдэр булчут тыһы андыны өлөрөр. Оччоҕо анды оҕолоро бары ыһыллаллар, ардай аһыылаахтар, дэгиэ тыҥырахтаахтар аһылыктара буолаллар, өлөллөр-сүтэллэр. Биир эмэ ордубутун да иһин, кыстыыр сирдэригэр барбаттар, биһиги тымныы дойдубутугар тоҥон өлөллөр.
Эдэр сааһыттар, анды оҕолорун көрөр тыһы андыны өлөрүмэҥ, анды оҕолорун алдьархайга тиэрдимэҥ!