Саха сирин бырамыысыланнаһа үрдүк кылаастаах оробуочай каадырга наадыйыыта сыллата улаатан иһэр. Холобур, үлэлииргэ табыгастаах усулуобуйаны, сөптөөх, үрдүк хамнаһы, сайдар, үүнэр кэскили аан дойду алмаас хостооччуларын инники күөҥҥэ сылдьар тэрилтэтэ АЛРОСА хааччыйар. Хампаанньа олохтоохтор оробуочай идэлэри баһылаан, таһымнаах каадыр буола үүнэн-сайдан тахсалларыгар, онно интэриэстэнэллэригэр араас өрүттээх үлэни ыытар.
Бу хайысхаҕа сыһыаннаах, АЛРОСА көҕүлээһининэн ылыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи үөрэх саҥа бырайыагын уонна билиҥҥи кэмҥэ ордук наадалаах, ирдэнэр идэлэргэ ханна үөрэтэллэрин туһунан бу ыстатыйаҕа билсиҥ.
Наадалаах оробуочай идэни баһылаабыт киһи үрдүк хамнастаах үлэни кэбэҕэстик булар. Холобур, автомобильнай тиэхиньикэни өрөмүөннүүр үчүгэй силиэсэр ханна да тиийдэр, үлэ миэстэтин холкутук булар. Ол биир төрүөтэ – үлэ ырыынагар маннык идэлээх тиийбэт. Ол да иһин үгүс оробуочай идэлээхтэр “биһигини ханна баҕарар ылаллар, күүтэллэр” диэн, киһиргээн да ылыахтарын сөп. Чахчыта да, оннук. Оччотугар бэйэҕэ чугас, орто анал идэни бэлэмниир үөрэх кыһатын талан, онно үөрэнэр туһунан толкуйдуур тоҕоостоох.
Үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ үгүс үөрэхтэн чуолаан орто анал үөрэҕи талан ылар төрүөттэрэ сөбүгэр элбэх. Бастатан туран, колледжка биитэр техникумҥа үөрэппиккин илэ “тутан-хабан” көрөр кыахтааххын. Иккиһинэн, идэни баһылыыргар үрдүк үөрэххэ курдук уһун кэмҥин сүтэрбэккин. Баара эрэ икки-үс сыл үөрэнээт, бэйэҕин бэйэҥ хааччынар кыахтаах, хамнастаах үлэһит буолаҕын. Аны, дуальнай үөрэх тиһигэ киириэҕиттэн теориятын үөрэх тэрилтэтигэр ааһан баран, быраактыкатын дьиҥ үлэ тэрилтэтигэр барар буолан, сонно тута, үөрэҕи бүтэрэ илик да сылдьан, хамнас аахсар кыах кытта баар. АЛРОСА орто хамнаһа, өрөспүүбүлүкэ орто хамнаһыттан икки бүк кэриэтэ үрдүк. Хампаанньа – идэтийбит кэлэктииптээх бөдөҥ хампаанньа. Үлэһит сүрүн өттө – өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо, ол иһигэр тыа сириттэн төрүттээх дьон да аҕыйаҕа суох. Хампаанньаҕа бэлиэр 30 тыһыынчаттан тахса киһи да үлэлээтэр, оҥорон таһаарыы сыллата улаатан иһэрин быһыытынан, үлэһит илиигэ наадыйыы эмиэ улаатар.
Тиһиктээх үөрэх
Бырамыысыланнас хампаанньатыгар үлэ булунар гына, ханнык үөрэх кыһаларыгар киириэххэ сөбүй? Алмаас хампаанньатыгар сүрүн каадыры бэлэмнээн таһаарар тутаах кыһа – Мииринэйдээҕи эрэгийиэн таһымнаах тэхиньиичэскэй колледж буолар. Бу үөрэх кыһата Бүлүү бөлөх улуустарга үлэлиир бырамыысыланнас хампаанньаларыгар барыларыгар анал идэлээхтэри бэлэмнээн таһаарар. Ол гынан баран, син эмиэ алмаастаах түөлбэ оройуоннарыгар түстэммит атын үөрэх тэрилтэлэрин курдук, оробуочай идэлээхтэргэ наадыйыыны олоччу хааччыйар кыаҕа суох. Онон АЛРОСА көҕүлээһининэн, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр профессиональнай үөрэх тиһигэ оҥоһуллубута. Ол чэрчитинэн тустаах үөрэх кыһалара бырамыысыланнас хампаанньаларын кытта эрэ буолбакка, бэйэ-бэйэлэрин кытта ыкса үлэлэһэн, ордук наадалаах идэлэргэ идэтийбит, таһымнаах исписэлиистэри бэлэмнээн таһаарыахтара. Маннык бииргэ үлэлэһии үөрэҕи бүтэрээччи ахсаанын хаҥатыахтаах уонна идэлээх таһыма үрдүүрүн хааччыйыахтаах. Оттон үөрэтии уратыта уонна үлэ миэстэтинэн хааччыйыы мэктиэлэнэрэ – үөрэтии болдьоҕун уонна үлэҕэ үөрүйэхтэнии кэмин кылгатар. Үөрэнэр сылларгыттан билэр, үлэ үөрүйэҕэр үөрэммит сиргэр тиийэриҥ быдан табыгастаах даҕаны.
Хампаанньа көҕүлээһинин өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата ылыммыта. Ол түмүгэр “Сквозная профессиональная ориентация для отраслей промышленности и геологии республики” үөрэх тиһигин сайыннарыы Кэнсиэпсийэтэ ылыллыбыта. Маны СӨ Үөрэххэ, билимҥэ уонна Бырамыысыланнаска, геологияҕа министиэристибэлэрэ сүрүннүүллэр.
Бу үөрэх ситимигэр Чурапчытааҕы аграрнай-тэхиниичэскэй, Сунтаардааҕы технологическай колледжтар, Т.Г. Десяткин аатынан Дьокуускайдааҕы бырамыысыланнас уонна Ньурбататааҕы техникумнар киирдилэр.
Ол курдук, быйыл Мииринэйдээҕи эрэгийиэн таһымнаах тэхиньиичэскэй колледж (МРТК): уонна Дьокуускайдааҕы бырамыысыланнай техникум бииргэ үлэлэһэргэ дуогабар түһэрсибиттэрэ. Бу орто үөрэх тэрилтэлэрэ тус сыаллаах каадыры бэлэмниир, АЛРОСА каадырга наадыйыытын хааччыйар гына кыттыгас бырайыактары олоххо киллэрэргэ кэпсэппиттэрэ.
Бу бырайыак туһунан сиһилии “МРТК” ГАПОУ дириэктэрин бастакы солбуйааччы Клара Бурнашева:
– Биһиги колледжпыт бу иннинэ Сунтаардааҕы технологическай колледжы уонна Ньурбатааҕы техникуму кытта “Үөрэн уонна үлэлээ” диэн үөрэх бырайыагын үлэлэппитэ. Бу бырайыак чэрчитинэн, устудьуоннар хампаанньа салаа тэрилтэлэригэр быраактыкаламмыттара, салгыы үөрэнэ-үөрэнэ үлэлээбиттэрэ. Бу уопукка тирэҕирэн, АЛРОСА Корпоративнай университетын кытта Саха сирин үөрэҕин тэрилтэлэрин ситимнээн бииргэ үлэлиир бырайыагы көҕүлүүргэ быһаарбыппыт. Кинилэргэ биһиги үөрэхпит кыһатыгар суох, ол эрээри хампаанньаҕа уонна да атын бырамыысыланнас тэрилтэлэригэр олус наадалаах идэлэргэ үөрэтэллэр.
Ол курдук, аан бастаан Дьокуускайдааҕы бырамыысыланнас техникумун кытта үлэлэһэн саҕалаабыппыт.
Клара Бурнашева бу Кэнсиэпсийэ үөрэх кыһалара өрөспүүбүлүкэ каадырга наадыйыытыгар тирэҕирэн үлэлииллэригэр, оттон үөрэҕи бүтэрээччилэр үлэ миэстэтинэн чопчу хааччыллар буолалларыгар, үөрэнэр кыах улаатарыгар көмөлөөҕүн бэлиэтиир. Үөрэх маннык тиһигин бастакы түһүмэҕэ устудьуоннары өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан, ол иһигэр киин куоракка кэлээччилэртэн эмиэ, ылар кыаҕы уонна идэлэрин туһунан бастакы билиини биэрэр. Иккис түһүмэххэ МРТК көмөтүнэн устудьуоннар дьиҥ оҥорон таһаарыыны уонна кэнэҕэһин үлэлиэхтээх сирдэрин кытта билсэллэр. Ол эбэтэр, Дьокуускайдааҕы бырамыысыланнай техникумҥа устудьуоннар теорияны бараллар, үлэ тирэх үөрүйэхтэрин ылаллар. Оттон МРТК кинилэри оҥорон таһаарыы эбийиэктэригэр сырытыннаран, теорияны, быраактыканы ситимнээн үөрэтэр. Холобур, Айхаллааҕы ХБК-ҕа дьарыктыа. Кэнэҕэһин хампаанньа салаа тэрилтэлэригэр чопчу ханнык идэлээх тиийбэтинэн көрөн, устудьуоннары сүүмэрдиир буолуохтара. Холобур, тырааныспарга уонна өрөмүөҥҥэ сыһыаннаах идэлэргэ.
«Ону тэҥэ биһиги быйыл Дьокуускайдааҕы автодорожнай техникумҥа тиийэ сырыттыбыт. Онно авто-тиэхиньикэни өрөмүөннүүр силиэсэр, массыынаны көрөр-истэр, өрөмүөннүүр маастар, көтөҕөр-тиэйэр-таһар сириэстибэ авто-мэхээнньигэ, суоппара курдук олус наадалаах идэлээхтэри бэлэмнииллэр. Тустаах техникумҥа үөрэххэ туттарсыы улахан куонкурустаах, оттон бүддьүөт миэстэтэ хааччахтаах.
Ити биһиэхэ – балачча кэскиллээх идэлэр. Онон кэлэр сылтан саҕалаан ити техникуму кытта бииргэ үлэлэһэр былааннаахпыт. Өскөтүн бырайыакпыт үтүө түмүктээҕин көрдөрдөҕүнэ, үөрэххэ ылар устудьуоммут, талан үөрэтэр идэбит да ахсаанын хаҥатан биэриэхпит. Кэлэр өттүгэр биһиги бырайыакпытыгар атын да үөрэх тэрилтэлэрэ эбиллиэхтэрин сөп”, – диир Клара Бурнашёва.
Үс сылынан – идэтийии
Быйыл Айхаллааҕы ХБК бэрэстэбиитэллэрэ устудьуоннары хампаанньа салаа тэрилтэлэрин кытта ыкса билиһиннэрэр, үлэнэн хааччыллар кыах кэскилин, хампаанньа эдэр исписэлиистэри өйүүр бырагыраамаларын билиһиннэрэр гына, өссө биирдэ Дьокуускайга кэлэр былааннаахтар. Ону таһынан АЛРОСА үлэһиттэрэ устудьуоннары кытта ыкса үлэлэһиэхтэрэ, МРТК педагогтарын кытта сирэй көрсөн, ыраахтан да олорон көрсүһүүлэри тэрийиэхтэрэ. Ону таһынан устудьуоннарга үөрэх бары түһүмэхтэригэр хампаанньаттан анал настаабынньык сыһыарыллар.
Дьокуускайдааҕы бырамыысыланнас техникума тустаах бырайыакка оруолун-суолтатын туһунан бу үөрэх тэрилтэтин дириэктэрэ Дмитрий Павлов маннык кэпсээтэ:
– Биһиги техникуммут устудьуоннары үөрэтэргэ материальнай-тэхиньиичэскэй базанан хааччыйар уонна МРТК-ҕа анаан устудьуоннары сүүмэрдииргэ көмөлөһөр. Быйыл “Техническое обслуживание и ремонт двигателей, систем и агрегатов автомобилей” идэҕэ 15 устудьуон үөрэнэ киирдэ. Бүддьүөт миэстэлэрин өрөспүүбүлүкэ үбүлээтэ. Биһиги итинтэн атын да идэлэргэ үөрэнээччилэрбит АЛРОСА тэрилтэлэригэр быраактыкаланар кыахтаныахтара дии саныыбын.
Тутаах биридимиэттэри таһынан устудьуоннар тустаах идэлэригэр сыһыаннаах инженер графиката, тэхиньиичэскэй механика, материаловедение, метрология, стандартизация уонна сертификация биридимиэттэр бааллар. Ону таһынан бастакы куурус устудьуоннара силиэсэр үлэтигэр быраактыкаланыахтара. Оҕолор силиэсэр үстүрүмүөнүнэн, тимири быһар станогунан сатаан тутта үөрэниэхтэрин, үүттүүр, сытыылыыр тэриллэр көмөлөрүнэн судургу деталлары бэлэмниир сатабылы баһылыахтарын наада.
Ити курдук, устудьуоннар сыл аҥаара Дьокуускайга теорияны үөрэтиэхтэрэ, ол кэнниттэн Мииринэйгэ тиийэн үөрэниэхтэрэ. Оттон иккис сылтан Айхаллааҕы ХБК-ҕа үлэ үөрүйэхтэригэр сыстыахтара. Үһүс кууруска оҥорон таһаарыы быраактыкатын барыахтара. Маннык үөрэх тиһигин көмөтүнэн устудьуоннар үөрэх кыһатыттан үлэҕэ бэлэмнээх, толору быһаарсар буолан тахсаллар. Ону таһынан үлэлиэхтээх кэлэктииптэрин, үлэ эрэсиимин кытта сирэй билсэллэрэ хаһан да харахтаан көрбөтөх сирдэригэр тиийэллэринээҕэр быдан судургу, ордук буоллаҕа. Устудьуоннарга истипиэндьийэ төлөнөр. Оттон быраактыкаланар сирдэригэр тиийии ороскуотун үлэлиэхтээх тэрилтэлэрэ, о.э. АЛРОСА уйунар. Оттон үөрэхтэрин бүтэрдилэр да, Кэмбинээккэ, кинилэри күүтэн турар миэстэҕэ киирэллэр. Ол эбэтэр, үлэ булаллара 100 бырыһыан мэктиэлэнэр.
Устудьуоннар кэпсииллэр
Артур Семенов, Орто Халыма куоратыттан:
– Оскуоланы быйыл бүтэрдим. Бырамыысыланнас техникумугар кэлбиппэр МРТК бөлөҕөр хомуйа олороллорун кэпсээбиттэрэ. Үөрэтэр идэлэрин көрбүтүм: кэнэҕэһин уот монтёрунан биитэр сыбаарсыгынан да үлэлии барыахха сөп эбит. Ону таһынан үөрэҕи бүтэрэрбитигэр В уонна С категориялаах суоппар быраабын ылар уонна сонно үлэҕэ киирэр кыахтаахпыт. Балаҕан ыйын 2 күнүгэр АЛРОСА бэрэстэбиитэллэрин кытта көрсүһүү буолбута. Хампаанньа туһунан кэпсээбиттэрэ уонна мерч түҥэппиттэрэ. Билсэн-көрсөн баран, үчүгэй этии диэн, бу үөрэххэ туттарсарга быһаарбытым. Бэйэм Орто Халымаҕа үрдүкү кылаастарга ДьУоХХ үлэлэспит буолан, сөбүгэр үөрүйэхтээхпин.
Любомир Трофимов, Амма улууһун Өнньүөһүттэн:
– Маннык үөрэх баарын миэхэ убайым кэпсээбитэ, киирэрбэр көмөлөспүтэ. Кини бэйэтэ ДьУоХХ эйгэтигэр суоппардыыр. “Бу идэни баһылаатаххына, үлэтэ суох буолуу кыһалҕатын билиэҥ суоҕа”, – диир. Миэхэ тэхиньиичэскэй хайысхалаах үлэ быдан чугас: илии үлэтин, тиэхиньикэни хасыһарбын, өрөмүөннүүрбүн сөбүлүүбүн. Оттон уонна тимир көлөҕө сыстаҕаспын, тыраахтары эмиэ ыытыахпын сөп.
Игорь Пшенников, Өлүөхүмэ улууһун Дабааныттан:
– Үөрэххэ туттарсыам иннинэ интэриниэккэ элбэҕи аахпытым. Мииринэйгэ киир диэн сүбэлээбиттэригэр МРТК саайтын булбутум. Онно ааҕан, Дьокуускайдааҕы бырамыысыланнас техникумугар туттарсар кыах баарын билбитим. Хас да идэни тэҥинэн баһылыыр кыах баара, суоппардыыр быраап ылыахха сөбө сэҥээрдибитэ. Оттон уонна, үөрэҕи бүтэрдиҥ да тута үчүгэй хамнастаах бөдөҥ хампаанньаҕа үлэ буларыҥ, карьераны тупсарар кыах баара да – үчүгэй. АЛРОСА туһунан эрдэ да истэр этим, ол эрээри иҥэн-тоҥон билэ сатаабат этим. Сиһилии билсэн баран: “Тоҕо табыллыбат буолуой?” — дии санаабытым. Баҕар, үөрэхпин салҕыам, хампаанньа оннук кыаҕы эмиэ биэрэр.
Алгыс Слепцов, Покровскайтан:
– Туттарсыам иннинэ саайтарга киирэн көрөттүүр этим. Биир күн – Бырамыысыланнас техникумун киэнин таба тайаммытым, онтон салгыы МРТК киэнигэр көһөн, бөлөх хомулларын билбитим. Төрөппүттэрим бу үөрэх кыһатыгар киирэрбэр сүбэлээбиттэрэ, бэйэм да ол түгэҥҥэ сэҥээрэн барбытым. Үөрэнэ сылдьан үлэлиэхтээх үлэбитин, тэрилтэбитин кытта билсэрбит үчүгэй бөҕө буоллаҕа. Ол эрээри билигин сүрүнэ – үөрэниэхпин наада.
Андрей ШИЛОВ.