Үүнэр сыл тохсунньу ый 27 күнүгэр Ленинград куорат блокадаттан букатыннаахтык босхоломмута 80 сылын туолуоҕа. Ленинград блокадатын 1943 сыллаахха тохсунньу ый 12-18 күннэригэр көҥү көтүү сэриитин кыттыылааҕа, биир дойдулаахпыт, аатырбыт снайпер Егор Константинович Петров Аҕа дойду Улуу сэриитигэр хорсуннук кыргыһа сылдьан дьоруойдуу охтубута тохсунньу 2 күнүгэр эмиэ 80 сылын туолар. Аны 2025 сылга Улуу Кыайыы 80 сыла буоларын бары билэбит.

Онон сибээстээн биһиги Е.К. Петров сиэнэ, Сунтаар олохтооҕо Антонина Степановна Кириллинаны кытта хорсун сэрииһит эһэтин аатын үйэтитэргэ уонна оҕолору, эдэр ыччаты Ийэ дойдуга бэриниилээх гына иитиигэ туһалаах буоллун диэн, Егор Константинович бойобуой суолун, атын да киниэхэ сыһыаннаах матырыйааллары үөрэтэн, кинигэ таһаарарга тэринэ сылдьабыт.

Ол курдук биһиги ити үлэбитин 2022 сыл бүтэһигиттэн саҕалаан баччаҕа диэри снайпер кыттыбыт кыргыһыыларын, кини туһунан суруйуулары Интэриниэтинэн, кинигэлэртэн, Москва, Дьокуускай архыыптарынан, эбиитин буойун сэриилэспит сорох сирдэринэн – Ленинградскай, Ржевскэй, Псковскай уобаластарынан сылдьан, чинчийэн кинигэбитин 2024 сыл бастакы аҥаарыгар улуус дьаһалтатын өйөбүлүнэн таһаарарга былаанныыбыт.

240 өстөөҕү суох гыммыт снайпер Е.К. Петров туһунан урут даганы СМИ-гэ, кинигэҕэ балачча суруллубут. Онтон биһиги кинигэбит уратыта диэн элбэх архыып матырыйаалыгар олоҕуран, айах кэпсээнэ, легенда буолбут түгэннэри сыныйан үөрэтэн кинигэҕэ киллэрии, кыалларынан кыттыбыт байыаннай дьайыыларын, бааһырыыларын чопчулааһын, табылларынан наҕараадаларын үөрэтии уо.д.а түгэннэри эбии киллэрии, саҥа сонун информацияны көрдөөһүн буолар.

Холобур, урут биллибэтэх өттүттэн 1943 с Ленинградскай уобаласка блокаданы көҥү көтүү буолбут сиригэр тутуллубут Кировскай куоракка баар оскуола-интэринээт албан аат музейын, бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ И.М. Соловьеваны кытта бииргэ үлэлэһэн, кини сэрии бэтэрээнэ, 50 омук тылыгар тылбаастаммыт үлэлэрдээх биллиилээх суруйааччы, сэбиэскэй саҕана “Детгиз” диэн оҕолорго кинигэ таһаарар издательствоны 20-чэ сыл салайбыт С.П. Алексеев “Подвиг Ленинграда 1941-45 гг., Великие битвы Великой Отечественной” диэн оҕолорго кинигэтигэр Егор Константинович туһунан “Дивизия” диэн кэпсээн баарын булан биэрбитэ. Аны Ленинград блокадаттан босхоломмута 80 сылыгар Егор Константинович аатын, кини хаанын тоҕон кыргыспыт, босхолоспут сиригэр ахтан-санаан ааһарга оҕолору бэлэмнии сылдьаллар. Маны сэргэ саха билиҥҥи кинематографиятын биир биллэр диэйэтэлэ , СӨ култууратын туйгуна Бүтүн Арассыыйатааҕы “Көмүс мааска” театральнай бириэмийэ лауреата Дмитрий Шадрин снайпер Егор Петров туһунан Арассыыйа таһымнаах уус-уран киинэни устары биллэрэн турар.

П.РОЗЕНБЛЮМ,

Сунтаартан төрүттээх үлэ бэтэрээнэ,

СӨ үтүөлээх бырааһа, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Москва.

Читайте дальше