Хоролор айылҕаҕа сынньаннылар

Аҕам саастаах дьоҥҥо  Ытыктабыл сылынан  Хоролор Макаар буолатыгар сиэллээх салама киэргэллээх, хатыҥ чэчир сэлэлээх, сайын кэлбитин уруйдаан айхаллаан көрүстүлэр. Остуолга быргыччы буспут кус миинэ, итии үүттээх чэй, арыылаах алаадьы, көөнньүбүт кымыс, шашлык , остуол хотойорунан ас арааһа толору.

Күн олус тупсан, чаҕылыччы тыган оонньуу-көр, ойор-тэбэр оһуохай оройуттан тутулунна. Аал уот иччитин Валерий Николаевич алгыстаах алаадьынан, уохтаах кымыһынан күндүлээтэ. Тэрээһиҥҥэ кэлбит дьон ыллаан-туойан , сибэккинэн симэммит хонууга хаартыскаҕа хатанан, күлэн үөрэн, дуоһуйа сынньанан тарҕастылар.

Вера ИВАНОВА

Читайте дальше