Быйыл Сунтаар улууһугар оттооһун былаана — 34000 туонна. Тыа хаһаайыстыбатын управлениета иһитиннэрэринэн, балаҕан ыйын 6 күнүнээҕи туругунан, улуус үрдүнэн бары көрүҥнээх хаһаайыстыбалар 30555,1 (СХПК — 2696; КХ, ИП — 9806, ЛПХ — 18053) туонна оту бэлэмнээн, тиэрдиллибит сыллаҕы сорудаҕы 90 % толорон иһэллэр. Былырыыҥҥы дьылы тэҥнээн көрөр эбит буоллахха, от бэлэмнээһинэ быйыл да улахан уларыйыыта суох, үгүс нэһилиэктэр этэҥҥэ кыстык оту булан олороллор. Ону таһынан 1200 туонна курдук былырыыҥҥы кур от баар. Онон хороҕор муостаах, сыспай сиэллээх уһун кыһыны харгыһа суох туорууругар эрэллээхпит.
Елизавета ТИТОВА