Бэҕэһээ, балаҕан ыйын 19 күнүгэр Хоро нэһилиэгэр быйыл Ил Дархан гранын кыайыылаахтара «Көлүөнэ ситимэ» барайыактарынан бастакы улахан тэрээһиннэрин ыыттылар. Ол курдук, үөрэнээччилэр, улахан дьон бэйэлэрин төрүччүлэрин кэпсээтилэр.
Дьиэ кэргэн дьарыга, үйэлэри уҥуордаан кэлбит дьиэ кэргэн мала, дьиэ кэргэн бибилэтиэкэтин быыстапката ыытылынна. Ону таһынан, оҕолор «Дьиэ кэргэн династията», «Дьиэ кэргэн киэн туттар киһитэ» диэн тиэмэлэргэ дакылаат бэлэмнээн кэлбиттэрин кэпсээтилэр.
Оттон, күнүс 3 чаастан «Создай свой сад» диэн оҕуруотчуттарга, баҕалаах дьоҥҥо улуустааҕы семинар практикум ыытылынна. Саха сиригэр дьиэ тиэргэнин көҕөрдүүгэ, үүннэрэргэ табыгастаах отонноох уонна сибэккилиир талах мастар араастарын Хоро орто оскуолатын логопед учуутала Лариса Виссарионовна Илларионрва билиһиннэрдэ. Отонноох уонна сибэккилиир талахтары үүннэрэргэ тарҕатар ньымалары алын кылаас учуутала Александра Виссариновна Данилова кэпсээтэ. Ити кэннэ Ил Дархан гранынан тупсубут искибиэргэ «Күһүннү киһи күлбүтүнэн» атыы-эргиэн дьаарбаҥката ыытылынна. Манна «Саамай улахан ыйааһыннаах үүнээйи», «Дьикти-дьиибэ оҕуруот аһа», «Айылҕа бэлэҕэ» — айылҕа матырыйаалыттан композицияҕа, «Бастыҥ атыылааччы 2024 с» диэн күрэстэр ыытылыннылар.
Күһүҥҥү фотозона турда. Атыы-эргиэн дьаарбаҥкатыгар сирень,черемуха рассадалара атыыланнылар.
Онон Хороҕо күһүҥҥү дьаарбаҥкабыт тэрээһинэ олус көхтөөхтүк, элбэх үөрүүлээх түгэнинэн туолан ааста.
Вера Иванова