Сунтаар Хомустаах микрооройуонун олохтоохторо «Үрүҥ Тунах ыһыаҕы ыраас территориялаах көрсүөҕүҥ, ыһыахха элбэх ыалдьыт кэлиэ. Онон бары тахсаммыт территориябытын ыраастаныаҕыҥ» диэн бассаап бөлөхтөрүгэр ыҥырыы таһаарбыттара. Онон бэҕэһээ бу түөлбэ олохтоохторо бука бары субуотунньук тэринэн ыһыллыбыт бөҕү-сыыһы хомуйдулар.
Манна даҕатан эттэххэ, анал былаһааккаларга бөҕү кутар саҥа иһиттэр баар буолан эрэллэрэ хайҕаллаах. Ол курдук, эксперимент курдук диэххэ эбитэ дуу, саҥалыы, ыт, ынах, сылгы киирэн ыспатын курдук хаххалаах, бөҕө көрүҥнээх былаһаакка Хомустаахха баар буолла. Бу үлэни улуус дьаһалтатын баһылыгын бастакы солбуйааччы Николай Александров, Хомустаах түөлбэтиттэн улуус дьокутаата Владимир Яковлев уонна Дмитрий Григорьев сүүрэн-көтөн, дьаһайан толордулар. Маннык былаһаакканы оҥорууну ЖКС тэрилтэтин салайааччыта Игнат Яковлев көҕүлээтэ.
Онон Хомустаах олохтоохторо Николай Павлович, Владимир Иванович, Дмитрий Дмитриевич дьон, нэһилиэк, улуус тустарыгар санааларын ууран үлэлииллэрин биһирииллэр биллэрэллэр, кинилэргэ махталларын тириэрдэллэр. Маннык былаһааккалар атын да микрооройуоннарга туруортаан иһиэҕиҥ, нэһилиэкпитигэр мээнэ бөх ыһыллара куччуо этэ диэн санааларын этэллэр.
Яина ВЛАСЬЕВА