Бэҕэһээ «Партизан» норуот айымньытын театральнай киинигэр Утум Захаров айымньытынан «Холумтан» драматын премьерата үрдүк таһымҥа ааста. Бырайыак ааптара — Ирина Митина, режиссер — Юрий О, оруолларга «Чебурашка» уһуйаан иитээччилэрэ кытыннылар. Испэктээк хара маҥнайгыттан дьон болҕомтотун тардар. Көрөөччү да элбэх кэлбит. Дьон тыйаатыры, саҥа туруоруулары ахтыбыта көстөр.
Туруорууга балыыһа палаататын иһэ көстөр. Икки тэҥ саастаах дьахталлар балыыһаҕа эмтэнэ сытан бэйэлэрин олохторун кэпсэтэллэр. Кинилэртэн ким дьоллооҕуй? Ким холумтана уоттааҕый? Быраас идэлээх, элбэх сиринэн тэлэһийэ күүлэйдээбит Светлана эбэтэр 6 оҕолоох Өлүөнэ тыа дьахтара? Билиҥҥи олоххо маннык көстүү баар. Галина Самойлова көрөөччү быһыытынан испэктээк туһунан санаатын маннык үллэһиннэ: «Палаата иһигэр ону кытта сетка нөҥүө балыыһа иһигэр туох буола турара тэҥҥэ көстөр. Эбиитин сөптөөх уот-күөс, муускука туһаныллыбыта көрөөччүгэ буола турар көстүүнү күүһүрдэн биэрэр түгэннэрэ элбэхтэр». «Чебурашка» уһуйаан иитээччилэрэ маҥнайгытын испэктээккэ оонньоон холонон көрдүлэр. Дьон ытыһын тыаһа уҕараабатыттан, артыыстарга сибэкки дьөрбөтө элбэҕиттэн сүрүн оруоллар Мария Васильева, Ирина Федорова уобарастарын чаҕылхайдык тириэртилэр диэн сыаналыахха сөп. Сыанаҕа туттуллар мал-сал, декорация көстүүтэ оһуобайдык оҥоһуллубут буолан көрөөччүнү дьон олоҕун тастан эрэ кэтээн, манаан көрөн олорор турукка киллэрдэ. Драма киһини толкуйдатар түгэнэ элбэх… Онон режиссер Юрий О туруорууларын өссө да күүтэбит!
Мира АФАНАСЬЕВА