Үһүс төгүлүн ыытыллар «Илии сылааһа» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс түмүктэннэ. Бу күрэскэ өрөспүүбүлүкэ бүттүүн кыттан, байыаннай дьайыыга сылдьан буойуттарбытыгар анал таҥас кэмпилиэгин тиктилэр. Онно биһиги улууспутуттан 8 хамаанда кыттан, тикпит таҥастарын дьүүллүүр сүбэ көрүүтүгэр ыыппыттара.
Күрэс бастакы түһүмэҕэ бүттэ. Кыайыылааҕынан Кириэстээх нэһилиэгин “Харыстас” нэһилиэгин хамаандата буолла. Иккискэ Бүлүүчээн “Талба” хамаандата таҕыста. Кэмпэндээйиттэн икки хамаанда кыттыбытыттан “Кэрэ кэм” үһүс бочуоттаах миэстэни ылла.
Онон олунньу 11 күнүттэн саҕаланар күрэс иккис түһүмэҕэр Сунтаар аатыттан кириэстээхтэр кыттыахтара.
Яина ВЛАСЬЕВА