Бүгүн оруобуна үһүс ый, Наасталаах Байбал кыайан оҕоломмокко, оҕо дьиэтиттэн кыыс оҕону иитэ ылбыттара. Кыыстара Ксюша, аҕыстааҕар бу дьиэ кэргэҥҥэ киирдэ. Үс ый тухары иитиэх төрөппүттэр кыыс баҕарбытын барытын ылан, санааларыгар маанылата сатыыллар. Ксюша төһө да кыра саастаах буоллар, майгыта кытаанаҕын тута биллэрбитэ. Киниэхэ анаабыт хосторо кыра баҕайы түннүктээҕин отой абааһы көрбүтэ. «Ыт оҕотун курдук бу хоско олорбоппун», – диэн обуйук уостарын чорбоччу туттан, өһүөннээҕинэн көрөн баран турбута. Хайыахтарай, бэйэлэрин утуйар хосторо киэҥ-куоҥ түннүктээх, маанылаах оҕолорун онно олохсуппуттара. Оҕо барахсан саҥа дьону тургутан көрөр сыаллааҕа-соруктааҕа сэрэйиллэрэ. Талбытынан хаппырыыстаан, сорох-сороҕор «кыахтарын ылара».

Биир күн Настаа үлэтиттэн кэлбитэ кыыһа тэлэбиисэр көрө олорор. Аһыыр хоско хас да иһиттэн аһаабыта, остуол өрөһөлүү кирдээх иһит. Ону көрөн ийэ киһи өрө тыынна, сэмэлиэн тыла тахсыбата. Хоһугар киирэн сыгынньахтана туран кыракый холбуйаҕа баар көмүстэрэ ыһылла сыталларын соһуйа көрдө уонна барыта баар дуу суох дуу диэн ыксалынан бэрэбиэркэлээтэ. Биир боростуой дьүһүннээх, ол эрэн үрүҥ көмүс кыракый биһилэҕи булбата. Ол кини хос эбэтэ биэрбит анал бэлэҕэ этэ. Саалаҕа тахсан Ксюшаттан оргууй ыйытта, ону биирэ «мин ылбатаҕым» диэн кыккыраччы аккаастаата. Настаа тулуйбакка кыыһы икки илиититтэн тутан илгиэлээтэ: “Эн мин малбын ылан хаспыккын, ол кэннэ биир көмүһүм суох дии, эн ылбатах буоллаххына, бэйэтэ ханна барыай?!” – дии-дии ытамньыйа сыһа-сыһа кыыстан эппиэт кэтэһэн турда. Ксюша сиэбиттэн ылан: “Мэ, киэр гын, акаары баҕайы туоххун өссө кэрэйэҕин ээ”, – диэн муостаҕа “талыр” гына быраҕан биэрдэ. Ийэтэ олус хомойдо, хараҕын уутун сотто охсон, хоһугар киирэн биһилэҕин эргим-ургум туппахтыы олордо. “Оо, эбээ, бэйэм оҕоломмот сорбор, бу буолан олордохпуон, тоҕо Айыы таҥарам итинник дьылҕалаата?! Ити кыыстыын тапсыа суохпут, эрэйдэнииһибит, кини даҕаны, биһиги даҕаны…” диэн саныы олороохтоото.

Хос аанын быыһынан Ксюша уоран көрөн турарын сэрэйдэ уонна ытаабыт сирэйин көрдөрбөккө гынан, сотто сатаата. Киэһэ Байбал кэлбитигэр Настаа бүгүҥҥү түбэлтэни кэпсээтэ уонна табыллыа суохтарын эттэ. Байбал өссө кыратык тулуйа түһэргэ сүбэлээтэ. Баҕар этэҥҥэ буолуо…

Ксюша оскуолаҕа саҥа кылааска киирдэ. Саҥа оҕолор. Барыта саҥа. Майгыта судургута суоҕуттан, кыргыттар бодоруһа сатаан баран, аккаастаннылар. Ордук уолаттары кытта тапсан переменаҕа оонньуур-көрүлүүр. Маладьыаһыҥ үөрэҕэр кыһаллыгас, тута өйдүүр. Биирдэ кыһын Настаа кыыһын сылгылыы тиийбитэ көрүдүөргэ биир уолу кытта тэбиэлэһэ сылдьарыгар түбэстэ. Хаһан кинилэргэ хааман тиийиэр диэри кыыс төҥкөйбүтүгэр уол күүскэ баҕайы ойоҕоско тэптэ. Ийэтэ ону көрөн улахан бэйэлээхтик хаһыытаата, тиийэн кыыһын бэйэтигэр сыһыары кууста. Ол уолу саҕатыттан тутан директор кабинетыгар илтэ. Ксюша ытаан сыҥсыйан, ойоҕоһун туттан олордо. Настаа: «Мин оҕобун, мин кыыспын», – диэни элбэхтэ кыбытта. Уолу, төрөппүттэрин миэрэлиэх буоллулар. Ксюша саҥата суох умса туттан сырытта. Ийэтэ: “Ханан ыалдьарый, туоҕуҥ ыалдьарый?” – диэн үрүт-үөһэ ыйытта. Онтон Ксюша тобуктаан турар ийэтин диэки эмискэ утары көрбүтүттэн, кыыс хараҕа маннык дириҥин ийэ киһи саҥардыы өйдөөн көрдө. Кыыс саҥата суох Настааны сып-сылааһынан кууста. Ийэтэ олус диэн дьоллонно. Ити күнтэн эйэ олохтоммукка дылы буолла. Төрөппүттэрин тылын истэр, утарыласпат. Бэйэтэ көрө сылдьан дьиэни, иһити хомуйар. «Этэҥҥэ алын сүһүөх оскуоланы бүтэрэр күнэ үүннэ. Улахан бэлиэ түгэн буолан, бу күн дьиэлэригэр бырааһынньык буолла. Мааны астаах остуолга чэйдии олорон, Настаа үөрүүлээх сонунун – ийэ буолаары сылдьарын, Ксюша эдьиий киһи буолуоҕун туһунан иһитиннэрдэ. Кыыс ити сонуну истэн, сирэйдиин уларыйда. Остуолтан туран, хоһугар киирдэ. Байбал үөрүүтүттэн онно эрэ кыһаммата. Кэргэнин кэлэн кууһан, сыллаан-уураан ылла. Тохтуу түһэн баран, Настаа кыыһыгар киирдэ. Кыракый туох эрэ суулааҕы уунна. Ксюша саҥата суох арыйан көрбүтэ көмүс сыапачыка. Олус үөрдэ уонна: “Оччоҕо миигин детдомҥа хаһан төнүннэрэҕит?” – диэн ыйытта. Ийэ киһи: “Кэбиһиий сыллыый, буолары-буолбаты саҥарыма, эн ити детдомҥун отой куһаҕан түүл кэриэтэ умнан кэбис. Эн биһиги оҕобут, биһиги сорҕобут буолаҕын. Кыра киһилэннэхпитинэ, ол эмиэ эн курдук күндү киһи буолуо. Иккиэҥҥитин тэҥҥэ таптыахпыт! Көрсүөҥ-харайсыаҥ дии. Эдьиий киһи элбэххэ үөрэтиэҥ турдаҕа. Эмээхсиннээх оҕонньор буоллахпытына, биһиэхэ күүс-көмө буолуоххут этэ…”, – диэбитигэр Ксюша санаата чэпчээтэ. Байбал киирэн, эмиэ кыыһын кууста, уоскутта.

Дьиэ иһигэр кырачаан эһээхэй киһи куолаһа сотору-сотору бэбээрэр. Төһө даҕаны өр күүппүт дьоллоро тосхойон, күннэрэ-ыйдара кыра киһиттэн таҕыстар, Ксюшаларын умнубакка буола сатыыллар. Кыыс төһө кыалларынан быраатын көрсөр. Кыра киһиттэн астынар.

Оскуола Саҥа дьыллааҕы биэчэриттэн ийэтин кытта иккиэйэҕин кэлэн истилэр. Сорох уулусса уота-күөһэ суох. Киин уулуссанан бодоруускалаһан хайдах курдук үчүгэй сынньалаҥы кинилэр кылаастара тэрийбиттэрин астына кэпсэтэ истилэр. Кэннилэриттэн икки эр киһи саҥата иһилиннэ. Холуочуктар. Настаа соччо кыһаммата. Оттон Ксюша итирик дьону көрдөҕүнэ этэ салҕалас буола түһэр. Ийэтэ тугу эрэ кэпсиирэ ыраатан хаалла, болҕомтото барыта кэнниттэн иһээччилэргэ буолла. Ийэтин түргэнник хаамыахха, сүүрүөххэ диэн ыксатта. Биир киһитэ: “Ээй, дьахталлар”, – дии-дии тугу эрэ айдаарар. Настаа эмиэ соһуйда, долгуйда. Кэннилэрин хайыһа-хайыһа сүүрдүлэр. Итирик да киһи тиэрэ-маары үктэннэр, сүүрэрэ, эчи, түргэнин. Маат-куут бөҕө буолла. Ксюша барахсан отой титирэстээн, дэлби ыксаата. Хаһыытыы-хаһыытыы сырсан истилэр. Онтон биир уота-күөһэ суох уулуссаҕа киирдилэр. Сүүрэ түһэн, ыал тэлгэһэтигэр киирэн, калитка таһыгар саһан турдулар. Итирикситтэр субу тиийэн кэллилэр. Нөҥүө-маҥаа хаһыытастылар, онтон аккаас биллэрэн, төннөр саҥалара иһилиннэ. Ксюша саҥата кэлэҕэй буолан хаалла. Настаа олус ыксаата, ыалы тоҥсуйан суһал көмөҕө эриттэрдэ. Кыыс титирэстээбитэ, куттаммыта ааспат. Ийэтэ долгуйан хайдах да буолуон билбэтэ. Полицияларга эмиэ эрийдилэр. Ол икки дьону түргэнник тутан, дьуһуурунай чааска тиксэрдилэр. Билинэллэринэн харчы көрдөөрү эрэ гыммыттар үhү.

Ксюша ити кэннэ балыыһаҕа киирэн, укуол ыла сырытта. Настаа кыратын аһата-аһата кыыһыгар кэлэ турар. Ороҥҥо сытар Ксюша ийэтин илиитин күүскэ тутан сытта. Саҥата дьэ үчүгэй буолбут.

“Маамаа, мин эйигин сүтэриэм, эмиэ тулаайах хаалыам диэн наһаа ыксаабытым”, – диэхтээтэ. Кини төрөппүт ийэтэ итирик киһи илиититтэн суох буолбутун кырачаан кыыс илэ хараҕынан көрбүтэ оспот баас, оҕо уйулҕатыгар улахан охсуу буолан үйэтин тухары хаалаахтаатаҕа. Настаа кыыһын күүскэ-күүскэ кууста…

Дьон хараҥаны сөбүлээбэттэр, онтон кини хараҥаҕа махтана саныыр. Арай сырдык буоллун, сатаан куотуо этилэр дуо? Харчы эрэ көрдүүр соруктаах баҕайылар буолбатах буоллуннар?

Ксюша уонча хонук эмтэнэн, бэттэх кэлэн, Саҥа дьылы этэҥҥэ көрүстүлэр.

2015 с.

Юлия-Айархаана АЛЕКСЕЕВА.

Варвара Егорова уруһуйа.

Читайте дальше