Бу күннэргэ Сунтаарга өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһатын мобильнай биригээдэтэ үлэлээтэ. Кинилэр маннык улуустары кэрийэн айаннаабыттара 16-с сылыгар барбыт. Олохтоох дьон ыраата барбакка манна үрдүгэр эмтэниини аастылар. Ол курдук, киин балыыһа хирургия салаатын дьиэтигэр 2 күн толору харахха эпэрээссийэ оҥордулар. Онтон 3-с күннэригэр оҥорбут дьоннорун көрдүлэр-иһиттилэр.
Мобильнай биригээдэҕэ 2 хирург быраас куораттан аҕалбыт анал тэриллэринэн үлэлээтилэр. Кинилэр аҕам саастаах дьоҥҥо киэҥник тарҕаммыт хатараактаны ылыы эпэрээссийэтин оҥордулар. Сунтаарга баалларын тухары 44 киһи хараҕын эмтээтилэр, уопсайа 67 эпэрээссийэни оҥордулар. Биир эпэрээссийэ уһаабыта 15 мүн. барда диэн быраастар иһитиннэрдилэр. Сунтаарга бу сырыыга саамай аҕам саастаах хараҕынан моһуогурбут ыарыһахтара 89 саастаах буолан биэрдэ. Мобильнай биригээдэ быраастарыгар эмтэниини ааһарга Сунтаарга баар харах балыыһата ыарыһахтарын сүүмэрдиир. Онтон эпэрээссийэҕэ бэлэмнэнии кууруһун ааһардаллар.
Галина Васильева Сунтаар нэһилиэгин олохтооҕо: «Мин харахпынан моһуогураммын Сунтаарга баар харах балыыһатыгар мэлдьи көрдөрөбүн. Маннааҕы быраастар мобильнай биригээдэ кэлэрин эрдэттэн эппиттэрэ. Онтон анаалыстарбын туттартаан саҕалаабытым. Харах эпэрээссийэтин кэннэ саамай сүрүнэ өр кэмҥэ харыстаныахтааххын. Маннык киин сиртэн быраастар миэстэтигэр үлэлииллэрэ олус табыгастаах. Махталбын тиэрдэбин».
Өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһатын сүрүн соругунан элбэх ыарыһаҕы хабан эмтээһин буолар.
Мира АФАНАСЬЕВА