Халтараантан сылтаан 4 киһи эчэйдэ, 5 суол саахала таҕыста

Бэҕэһээ Сунтаарга кулун тутар ыйга буолбатах көстүү буолла. Ол курдук, хаардаах ардах түһэн биллэрдик ириэрдэ. Онтон бүгүн Бүлүү бөлөх улуустарыгар күүстээх тыал түстэ. Онон бэҕэһээ ирбит хаарбыт килэркэй муус буолла. Халтараан кэмэ кэлэн суолга-иискэ сатыы дьоҥҥо, тиэхиньикэҕэ улахан мэһэйдэр үөскүүллэр.

Сунтаардааҕы киин балыыһаҕа хирургия салаатыгар халтарыйан сыыһа охтон  эчэйэн 4 киһи көрдөрдө.  Бу дьонтон 3 киһи илиитин тоһуппут. Үгүстэрэ аҕам саастаах дьахтар аймах эчэйии ыллылар.

Сунтаардааҕы ГАИ сулууспата иһитиннэрбитинэн бу күннэргэ халлаан биллэ сылыйбытын кэннэ федеральнай трасса устун 5 суол саахала таҕыста. Бу суол саахалыгар 1 улахан эчэйиини ылбыт киһини санрейсынан куоракка көтүттүлэр. Онон ыраах айаннааччылары ордук бу дьыл кэмигэр ГАИ сулууспата суолга сэрэхтээх буоларгытыгар  ыҥырар.

Суолга тиэхиньикэ сырыытыгар халтараан үөскээбэтин диэн тустаах тэрилтэлэр буор куталлар. Нэһилиэк иһинээҕи суол быһа охсуһууларыгар, светофорга буору олохтоох дьаһалта кутар. Онтон нэһилиэк иһинэн ааһар федеральнай трассаҕа буору «Сунтаравтодор» кута сылдьар. Буору күн-дьыл туругуттан көрөн куталлар.

Мира АФАНАСЬЕВА

Читайте дальше