Буойуннар дьиэ кэргэттэрин Сунтаардааҕы кэмитиэтэ тэрийиитинэн анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар гуманитарнай көмөнү хомуйуу буола турарын бары билэбит. Манна элбэх тэрилтэ, биирдиилээн дьон кыттыстылар. Киирбит таҥаһы-сабы, туттар тэрили барытын ааҕан-суоттаан, учуоттаан туран, бастакы партияны Дьокуускай куоракка ыыттылар. Сылаас, сайыҥҥы күннэргэ табыгастаах таҥаһы-сабы, туттар тэрили хомуйуу атырдьах ыйыгар диэри салгыы ыытыллар.
Оттон бу ый 29 күнүттэн «Партизан» НАТК балаҕаныгар хаххалыыр сиэккэни оҥоруу буолар. Манна ким баҕарар кэлэн, байыастарбытыгар бу олус наадалаах сиэккэни оҥорууга кыттыһыан сөп. Сиэккэни сатаан оҥоруохпут суоҕа диэн куттанымаҥ, балаҕаҥҥа тиийдэххитинэ көрдөрөн, үөрэтэн биэриэхтэрэ. Онон бэнидиэнньиктэн сарсыарда 11 чаастан киэһэ алтаҕа диэри кыптыыйдаах кэлэн сиэккэтэ оҥорсуҥ.
Элбэх сиэккэни оҥорор былаан баар. Онон ким илимнээх, манна туттуллар матырыйааллаах эбии аҕалыаххытын сөп.
Яина ВЛАСЬЕВА