Бу күннэргэ байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар анаан хаххалыыр сиэккэни өрөр пуун үлэтин саҕалаабытын сырдаппыппыт. Онтон бүгүн волонтер, дьокутаат Жанна Макарованы кытта сэһэргэстибит.
«От ыйын 30 күнүттэн сиэккэ өрүүтүн саҕалаабыппыт. Биэс сиэккэни оҥордубут. Күҥҥэ 10-15 киһи сылдьар. Матырыйаалбыт бүтэн эбии сакаастыырбытыгар бэҕэһээ, бүгүн аахсыйа биллэрбиппит. Онно 15000 тыһ.солк харчынан киирэн матырыйаал сакаастаатыбыт. Өрөбүлгэ өрүүбүт диэн сүбэлэстибит. Кэлиэн баҕалаах дьон өрөбүлтэн ураты күҥҥэ кэлэргитин кэтэһэбит. Үтүө санаалаах дьон көмөлөһө тураллар. Ол курдук, «Дэли» маҕаһыын уонна дьокутаат Сергей Тен үлэлии сылдьарбытын көрөн бородууктанан көмөлөстүлэр. «Дэли» маҕаһыын ас (заварка, саахар, бэчиэнньэ), ону сэргэ сылаас, итии чэй, уу истиннэр диэн кулер аҕалан туруордулар. Сунтаарбыт көхтөөх кыттааччылара алаадьы астаан аҕалаллар. Сиэккэбитин өрөрбүтүгэр ис сүрэхпититтэн үчүгэйи санаан, алгыс тыллары этэн баайабыт. Бу өрөбүллэргэ Мииринэйтэн биир дойдулаахпыт Саргылаана кэлиэхтээх. Кини “Мы вместе” диэн сиэккэ өрөр волонтердарга үлэлэһэн мунньуммут уопутуттан үллэстиэхтээх. Кэлэр нэдиэлэҕэ маастар-кылаас ыытар. Сотору байыастар уоппускаларыгар кэлиэхтээхтэр. Кинилэргэ биэрэн ыытаары сиэккэни мунньабыт», — диэн Жанна Макарова кэпсиир.
Илиибит сылааһын иҥэрэн үтүө дьыалаҕа кыттыһыаҕыҥ диэн ыҥырабыт. Уолаттарбытыгар этэҥҥэ буолууну баҕарабыт .
Алена ИВАНОВА