Бу кэнники сылларга улуус бары да нэһилиэктэрин уулуссалара электричество уотунан сандаара тыкпыттара үчүгэйэ бэрт. Мин үлэлээбэт киһи ити уот ханнык бырагырааманан, үбүнэн сандаара тыгарын ырытыһа барбаппын. Сунтаар сэлиэнньэтин сорох уулуссаларыгар тардыллыбыт уот ситимэ тоҕо үлэлээбэтин туһунан үлэлээбэтин ыйытаары гынабын.
Бу соторутааҕыта Сунтаар нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччытынан анаммыт Семен Николаевы кытта кэпсэтэ сырыттым. Кини этэринэн, Сунтаарга аҕыйах уулуссаҕа уот тардыллан баран кэккэ биричиинэлэринэн холбоммокко турара баар чахчы. Эдэр салайааччы Семен Александрович сотору кэминэн уот холбонуоҕа диир. Оттон ол «сотору» диэн хаһанын билбит суох. Сунтаардар диэн тулуурдаах бөҕө дьон буоллахпыт. Биирдэ баран эттэххэ, баччааҥҥа диэри таһырдьа уота суох син олордохпут дии. Ол эрээри үчүгэйгэ, сырдыкка тардыһар туох куһаҕаннаах буолуой. Сырдыгы сирэр суох ини. Кырдьык, сорохтор уулусса уота утуйарга мэһэйдиир, бэйэтэ мөлтөх уокка эбии ноҕорууска, ороскуот дииллэрэ хайдаҕа эбитэ буолла.
Халлаан хараҥарда да им балайга олорооччулар уулуссаларбыт сырдыылларын син биир кэтэһэбит.
Борис НИКОЛАЕВ