Граннарга кыттарга сүбэ-сэминээр тэрилиннэ

Олохпут сайдарын туһугар, сөптөөх суолу тобуларга дойдубут үрдүнэн араас хайысхалаах үлэ барар. Сунтаар улууһа уопсастыбаннай  тэрилтэлэр, түөлбэлэр бэйэлэрин бырайыактарын, баҕа санааларын олоххо киллэрэргэ Арассыыйа, өрөспүүбүлүкэ, улуус, нэһилиэк таһымнаах граннарга көхтөөхтүк кытталлар. Араас кэммиэрчэскэйэ суох тэриллиилэргэ граннар күрэхтэрэ дэлэй. Кинилэр бырайыак суруйан, судаарыстыба, араас тэрилтэ, түмсүү ыытар граннарыгар кыттан, бырайыактарын үлэлэтэргэ кѳмѳ харчы ылыахтарын сѳп.

Ол курдук, бүгүн, олунньу 16 күнүгэр Сунтаардааҕы ыччат салалтатын көҕүлээһининэн «НКО Якутии – вместе вперед» диэн ааттаах федеральнай уонна региональнай граннарга аналлаах сүбэ-сэминээрэ буолла. Бу манна нэһилиэктэр актыбыыстара, кэмиэрчэскэйэ суох тэриллиилэр (НКО), хас бирдии нэһилиэктэн бэрэстэбиитэллэр кыттыыны ыллылар. Бу сэминээргэ интэриниэт ситиминэн Дьокуускайдааҕы ыччат политикатын үлэһитэ (“Межмуниципальный ресурсный центр” АНО РС (Я)) эксперт Дмитрий Куприянов кытынна. Ыччат отделын сүрүннүүүр исписэлииһэ Светлана Андреева мустубут дьоҥҥо туох, ханнык граннар баалларын сырдатта. Ил Дархан граннарын кыттыылаахтара, итиэннэ кыайыылаахтара бэйэлэрин уопуттарын үллэһиннилэр, муспут билиилэрин түмэн кэпсээтилэр. “Движение первых” диэн оҕо уонна эдэр ыччат хамсааһынын исписэлиистэрэ “Гранты первых” туһунан сэһэргээтилэр. Сэминээр кыттыылаахтара “Аһаҕас микрофоҥҥа” долгуйар ыйытыыларын биэрдилэр, санааларын эттилэр. Ону тэҥэ, граҥҥа кыттыан баҕалаах, НКО бэлиэтэниитин оҥорор былааннаах дьон, сүбэ-ама ыларыгар анаан проектнай офис үлэлээн саҕалаабытын туһунан иһитиннэрдилэр.

Бүгүҥҥү сэминээргэ элбэх дьон сылдьан хайдах граннарга кыттан араас социальнай суолталаах бырайыактары суруйан, тастан эбии үп-харчы булан, баҕа санааларын, бэйэлэрин бырайыактарын олоххо киллэрэллэригэр сүбэ-ама ыланнар туһаныахтара, төһүү күүс буолуо диэн эрэнэбит.

Алена ИВАНОВА

 

 

Читайте дальше