Муус устар 2-5 күннэригэр Дьокуускай куоракка Бүтүн Арассыыйатааҕы «Сыл дириэктэрэ– 2024» куоҥкурус регионнааҕы түһүмэҕэ ыытылынна.
Быйылгы куоҥкурус ураты кҥрүҥүнэн ыытылынна: дириэктэри сэргэ кини икки солбуйааччыта кытыннылар. Куоҥкуруска үөрэх сокуоннарын, нормативтарын билиигэ тургутууну аастылар, уопуттарын үллэһиннилэр. Маны таһынан «Сыл дириэктэрэ» күрэс кыайыылаахтарын маастар-кылаастарыгар сырыттылар.
Куоҥкурус уопсайа 5 түһүмэхтэн турда. Ол курдук:
1. «Идэтийии таһыма»
2. Маастар-кылаастар
3. «Ситиһии формулата»
4. «Стратегическай быһаарыы». Бырайыагы оҥоруу.
5. Пресс-конференция.
Куоҥкуруска өрөспүүбүлүкэ 19 оройуонуттан 27 хамаанда кытынна. Хамаандаҕа 3 киһилээх — дириэктэр, дириэктэри үөрэтэр-методическай үлэҕэ солбуйааччы уонна иитэр үлэҕэ солбуйааччы.
Сунтаар улууһун чиэһин быйыл Любовь Евсеева, Сунтаар гимназиятын дириэктэрэ, ситиһиилээхтик көмүскээтэ. Кини баай уопутун, уһуйааччы быһыытынан үлэтин, салайар дьоҕурун, өйүн-санаатын дьүүллүүр сүбэ үрдүктүк сыаналаата. Бастакы уонна иккис туур түмүгүнэн Любовь Егоровна 10 бастыҥ иһигэр киирэн, «Сыл дириэктэрэ-2024» күрэс лауреатын дипломунан уонна түөскэ кэтиллэр «Педагог-наставник РС (Я)» бэлиэнэн наҕараадаланна.
Ону таһынан, дириэктэр сүбэһитэ Петрова Марина Леонидовна, иитэр-үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччы Шарина Саргылана Сергеевна састааптаах хамаанда «Бастыҥ салайар хамаанда» дипломунан наҕараадаланнылар.
Күрэскэ кыттыбыт Сунтаар гимназиятын хамаандатыгар, Любовь Егоровнаҕа махтанабыт, олоххутугар үөрүүнү, дьолу, ситиһиини баҕарабыт!
Сунтаардаҕы үөрэҕирии управлениетын пресс-сулууспата.