Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын 100 сылын чэрчитинэн успуорт араас көрүҥэр күрэхтэһиилэр, бэтэрээн спортсменнары үйэтитии, о.д.а. тэрээһиннэр ыытылла тураллар. Олортон биир ураты тэрээһининэн, «Физкультура учуутала — мин олохпор» өйтөн суруйуу аһаҕас күрэс ыытылынна. Маны Сунтаар улууһун дьаһалтатын физкультураҕа уонна успуорка салаата тэрийэн ыытта.
Барыта 34 үлэ киирбитин 3 киһилээх дьүүллүүр сүбэ сыаналаата. Дьүүллүүр сүбэҕэ (физкультура уонна успуорт отделын салайааччыта Семен Павлов, «Ньургуһун» литературнай түмсүү чилиэннэрэ Варвара Максимова -Тырымнаайы, Елена Антонова-Күн Сиккиэрэ үлэлээтилэр.
Түмүк маннык буолла. 5-6-с кылаас үөрэнээччилэрин ортотугар: 1 үрдэл — Каролина Евсеева (Күүкэй), 2 үрдэл — Владиана Иванова (Элгээйи).
7-8 кылаастарга 1 үрдэл — Клара Чагдинская (Элгээйи), 2 үрдэл — Айылаан Яковлев (Аллыҥа), 3 үрдэл — Уйгууна Алексеева (Элгээйи).
9-11 кылаас үөрэнээччилэригэр 1 үрдэл — Варвара Миронова (Элгээйи), 2 үрдэл — Николай Иванов (Кутана).
Оттон улахан дьоҥҥо 1 үрдэл — Агафья Михайлова (Бордоҥ), 2 үрдэл — Валентина Прокопьева (Сунтаар), 3 үрдэл — Владислав Попов (Нам), 1 үктэл — Люция Слепцова (Дьокуускай), 2 үктэл — Елизавета Данилова (Уһун Күөл), 3 үктэл — Марта Алексеева (Күүкэй).
Ону таһынан анал ааттар хаһаайыннарынан буоллулар: «Уһуйааччыга сүгүрүйүү» — Сардана Евсеева (Дьокуускай), «Утум ситимэ» — Алена Ксенофонтова (Сунтаар), «Чөл олоҕу тарҕатааччы» — Татьяна Егорова (Псков), «Үтүө өйдөбүл» — Владимир Николаев (Дьаархан), «Туһалаах үөрүйэх» — Любовь Максимова (Тойбохой), «Учууталга махтал» — Антонина Гуляева (Сунтаар), «Кэскиллээх ыра санаа» — Сайыына Уарова (Элгээйи).
Суолдьут сулус буолбут, үтүө өйдөбүлү хаалларбыт Сунтаар улууһун физкультураҕа учууталларын ааттарын үйэтитиигэ кылааттарын киллэрбит бары кыттааччыларга махтанабыт.
Бүгүн өйтөн суруйууга киирбит биир үлэни ааҕааччыларга билиһиннэрэбин.
Мария ВАСИЛЬЕВА.
Физкультура учуутала — мин олохпор
Биһиги бары оскуола боруогун атыллаан үөрэх эйгэтигэр үктэнэн, олохпутугар биир улахан умнуллубат тосту уларыйыы оҥоробут. Онно хайдах сылдьарбыт, олоххо бэлэммит тута биллэр. Оскуолаҕа билии эрэ ыла буолбакка барытыгар сатабыл ылаҕын. Манна саҕаланар — биир саастыылаахтаргын кытта алтыһыы, истиҥ доҕордоһуу, билииҥ иһин сыана ылыы, сүһүөхтээн ааҕыы, суоттааһын, суруйуу, барыта саҥаҕа холонуу, билии-көрүү, ону таһынан, эт-хаан өттүнэн сайдыы, успуорка бастакы хардыылар, кыайыылар-хотуулар…
Оттон мин Кэмпэндээйи оскуолатыгар үөрэммит кэммиттэн биир олох өйбөр хатаммыт, умнуллубат түгэн баар. Ол — «У-ррааа, физкультурааааа….» дии — дии көрүдүөр устун улаханнык хаһыытыы-хаһыытыы физкультурнай таҥастарын туппутунан астыммыт сирэйдээх оҕолор тэйиччи турар кыра соҕус саалаҕа сүүрүүлэрэ. Биир даҕаны оҕо хаалбакка күргүөмүнэн үөрэ-көтө физкультура уруогар үөрэнэр баҕалаахтара, олус күүтэллэрэ уонна сөбүлүүллэрэ.
Кыра даҕаны, улахан даҕаны кылаас үөрэнээччилэрэ олус астыналлар этэ. Мин ол сахха улаханнык наадыйбат этим, буолуохтааҕын курдук саныырым. Онтон улаатан баран ыраҥалаан ылан көрдөххө, оҕолор уруогу буолбакка, учууталы сөбүлээн, кини уруогар олус үөрэн-көтөн сылдьаллар эбит. Кини үөрэнээччилэри оннук сатабыллаахтык үөрэтэн. дьарыктаан оҕолорго успуорка тапталы ииппит эбит. Кыанар оҕо буоллун, кыаммат оҕо буоллун бары астынан үөрэнэллэрэ. Ити курдук таһаарыылаахтык үлэлээн, хас биирдии оҕоҕо сөптөөх сыһыан булан, физкультура уруогар сүүрүүкэнэн бараллар эбит. Оҕолор учууталларын ытыктыыллара уонна наһаа истэллэрэ, эппитин барытын толороллоро. Ол — мин тапталлаах учууталым, эбиитин төрөппүт аҕам Василий Семенович Ксенофонтов.
Мин аҕабын оскуолаҕа аҕам курдук көрбөт этим. Кини да биһигини, төрөппүт оҕолорун, оннук ачаалаппат, чорбоппот, кылаас оҕолорун кытта тэҥҥэ тутара. Василий Семенович аҕа быһыытынан истиҥ, учуутал быһыытынан ирдэбиллээх. Аҕам уруокка күүскэ сөбүлээн туттар этиилээх этэ: «Эппэтэҕэ диэйэххит!». Ол аата зачекка күүскэ бэйэбит бэлэмнэниэхтээхпит диэн буолара. Зачет туттараары эбиэт кэннэ кылааһынан дьарыктанар этибит. Оннук сылдьан бодоруһан, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһөн, иитии үлэтэ кытта барара. Сатаабат диэн оҕо суоҕа. Хайыһар буоллун, гимнастика, волейбол, баскетбол, дуобат барытын сатыырбыт. Сылы супту барыахтаах, билиэхтээх бырагыраамабытын барытын ситиһэрбит. Сахалыы концепция киирбитигэр саха төрүт оонньууларын үөрэппиппит уонна кылааһынан күрэхтэһэрбит. Тула өттүнэн эргиччи сайдарбыт. Саха буоларбытынан киэн туттарга ииппитэ. Барыта биир ситимнээх сайдыы барара.
Билигин оҕо сааспар төннөн, төрөөбүт, улааппыт нэһилиэкпэр, үгүһү биэрбит, иҥэрбит оскуолабар өссө да үөрэниэм этэ. Ордук физкультура уруоктарын, бииргэ улааппыт оҕолорбун, эбиэт кэннэ сайыннарар куруһуоктарга, секцияларга сылдьарбытын ахтабын. Дьоллоох оҕо саас өйдөбүлэ ханна даҕаны олорорбутуттан тутулуга суох, хас саастаахпытыттан оруола суох, куруук сүрэхпитин сылаанньытар, өйбүтүгэр сырдык санаа буолан киирэн үөрдэр-көтүтэр.
Аҕам Василий Семенович, бу санаатахха, үөрэнээччилэригэр үйэ-саас илдьэ сылдьар иитии биэрбит эбит. Үөрэппит оҕолоро киниттэн ылбыт сатабылларын олоххо туттубут буолуохтаахтар. Миэхэ, холобура, сыалбын ситиһэргэ, кыраттан толлубакка, кыайыыга дьулууру иҥэрбит.
Учуутал аата тыыннаах — үөрэнээччилэрин махталларыгар. Учуутал аата сүппэт — үөрэнээччилэрин ахтыыларыгар.
Алена КСЕНОФОНТОВА