#Дьиэ кэргэн
Сунтаарга Айсен Федоровы билбэт дьон ахсааннааҕа буолуо. Мэлдьи кинини үлэ үөһүгэр айа-тута сылдьарын көрө үөрэммиппит. Кинини олоҥхоһут, саха фольклорун тарҕатааччы, Улуу Сибиэрэп айымньыларын толорооччу, өссө кэлиҥҥи сылларга ырыаһыт, тамада, ыытааччы быһыытынан элбэхтик көрөбүт. Биллэн турар айар үлэлээх киһиэхэ дьиэ кэргэнэ күүстээх тыыл буолар. Онтон Айсен талааныгар сүгүрүйээччилэр кини чугас дьонугар сыһыанын, кэргэнин, оҕолорун туһунан биһиги тугу билэбитий? Бүгүҥҥү хаһыаппыт ыалдьыттарынан элбэх оҕолоох Федоровтар дьиэ кэргэттэрэ буоллулар.
Саҥа оскуоланы бүтэрбит Айсен Дьоллоох Дьокуускай куоракка Марк Жирков аатынан муусука колледжыгар туттарса сылдьан, Элгээйиттэн сылдьар Маша диэн сэмэй баҕайы майгылаах кыыстыын билсэн, таптаһан ыал буоларга сананаллар. Ол күнтэн номнуо 12 сыл ааста. Билигин кинилэр Сунтаар элбэх оҕолоох биир мааны, сэниэ ыалыгар кубулуйдулар.
– Махтанабын, Мария, Айсен “Сунтаар сонуннара” хаһыат ыҥырыытын ылынаҥҥыт, бэйэҕит дьиэ кэргэҥҥит туһунан кэпсииргэ санаммыккытыгар.
Кэпсэтиини Айсен саҕалыыр:
– Биһиги Машалыын бастаан доҕордуу сыһыаннаах этибит. Үөрэххэ туттарса сылдьан бастаан утаа Маша эдьиийин кытта билсибитим. Кини «Биир дойдулаахтар буоларгыт быһыытынан Машаны көрө-истэ сырыт» диэбитэ. Мин фольклор, Маша вокал салаатыгар үөрэнэ киирбиппит. Онтон ыла доҕордуубут саҕаламмыта. Маша олус үчүгэйдик уруһуйдуура. Дириҥ ис хоһоонноох уруһуйдарын көрөрүм, арааһы кэпсэтэрбит. Устудьуоннар уопсайдарыгар олорбуппут. Хоһунан доҕордоһорбут. Маша минньигэс ас астаан биһигини – уолаттары күндүлүүрэ. Ол онно хаһаайыстыбаннай, үлэһит кыыс диэммин бэлиэтии көрбүтүм. Сыл курдук доҕордоһон баран улам сыһыаммыт истиҥ иэйиигэ кубулуйбута. Онтон ыал буоларга санаммыппыт. Бастакы оҕобут Арчын күн сирин көрбүтэ. Мин ытык иэспин төлөөн аармыйаҕа сулууспалаан кэлбитим.
Билигин да Машам ас арааһын астыыр. Хаһаайка быһыытынан олус сатабыллаах. Киһиргээбэккэ эттэххэ, нэдиэлэҕэ түөртэ бурдук аһынан дьиэтээҕилэрин күндүлүүр. Онтон мин өрөбүл күн фирменнай сахалыы пловпун астаан чугас дьоммун үөрдэбин.
Кэпсэтиигэ Мария кыттыһар:
– Бэйэм урут-уруккуттан ас арааһын астыырбын сөбүлүүбүн. 4 оҕолоох буоламмыт бурдук аһын табыллан астыыбын. Оҕолор мин фирменнай пиццабын мэлдьи күүтэллэр. Айсен да минньигэстик аһыырын сөбүлүүр.
Билигин кырабын көрөн дьиэҕэ олоробун. Хата, айдаана-куйдаана, мэнигэ-тэнигэ суох оҕолордоох буолан бириэмэбин сөпкө аттаран туруорабын. Дьиэ үлэтин түргэнник үмүрүтэбин. Бэйэм сөбүлүүр дьарыкпар быыс булабын. Айсен эр киһи буоларын быһыытынан туох баар булааһын-талааһын, хааччыйыы өттүн, дьиэ тас үлэтин барытын бэйэтэ оҥорор. Онтон мин дьиэ иһин, эйгэтин тупсарабын. Ол курдук, үлэбитин сөптөөхтүк үллэстэн эйэ-дэмнээхтик олоробут.
– Эдэр дьон диэтэххэ олус бэртик дьаһанан олороҕут. Икки этээстээх чааһынай дьиэлээххит. Түөрт эмдэй-сэмдэй оҕолооххут. Оҕо иитиитигэр туох көрүүлээххит, санаалааххыт?
– Биллэн турар ийэ киһи быһыытынан Маша оҕо иитиитигэр улахан суолталаах. Мин саныахпар Маша оҕолорбутун үчүгэй, сөптөөх иитиини биэрэр буолан оҕолорбут улахан мэнигэ суохтар, улахан дьону убаастыыллар, төрөппүттэрин тылын истэллэр, дуоспуруннаах, дьоһуннаах оҕолор. Онтон мин аҕа киһи быһыытынан туохха наадыйалларын булааччы-талааччы, сөптөөх усулуобуйаны оҥорооччу киһибин. Мин көрүүбэр-истиибэр элбэх киһи баар буолан хас да үлэҕэ тэҥҥэ үлэлиибин. Сылаалаах эрээри, эр киһи буоларым быһыытынан тулуурдаахпын, ону таһынан сөбүлүүр идэбинэн дьарыктанар буоллаҕым дии… Дьону кэрэҕэ-сырдыкка уһуйуу, тардыы сүрүн соругум.
– Мария, мин билэрбинэн олус үчүгэйдик симээн, киэргэтэн, уратытык оҕолоргун хаартыскаҕа хатыыгын. Хаһыат сайтыгар эн үлэлэргин сырдатан турардаахпыт. Хаһааҥҥыттан бу дьарыккын саҕалаабыккыный?
– Айсен эрдэ эппитин курдук уруһуйдуур дьоҕурдаахпын. Ол иһин да буолуо дьону, сонун сири көрдөхпүнэ маннык кэрэтик, тупсан көстүө этэ диэн харахпар ойуулаан көрөбүн. Билигин аттыбар баар кэрэни хаартыскаҕа хатыыбын. Дьиэм ис бараанын киэргэтэрбин, оҕолорбор таҥас тигэн кэтэрдэн симиирбин олуһун сөбүлүүбүн. Бастаан иккис оҕом Кэрэли күн сирин көрбүтүгэр «лаампа уота» холбонорун курдук ис турукпар уларыйыы буолбута. Кыыспын көрөн олорор кэммэр кэрэни оҥорор, айар-тутар иэйиим уһуктубута. Бастаан оҕобор оонньуур баайбытым. Онтон саҕаламмыта куйаар ситимиттэн арааһы көрөн үөрэнэр буолбутум. Онон кыыһым Кэрэлим миэхэ иэйиим кэриэтэ.
Билигин араас быһыылаах фея кынатын барытын оҥорор кыахтанным. Айсен дьарыкпын өйөөн иистэнэр массыына, оверлок, үчүгэй телефон ылан бэлэхтээбитэ. Ону таһынан, туохха наадыйарбын барытын ылан биэрэр. Айар-тутар дьоҕурбун өйүүрүн иһин кэргэммэр махталым муҥура суох. (Айсенын диэки истиҥник көрөн мичээрин бэлэхтиир)
– Дьахтар киһи сөбүлүүр дьарыктаах буолуохтаах. Маша мэлдьи дьиэтин ис бараанын киэргэтэ-симии сылдьар. Кэргэним хаартыскаҕа хатыыр дьарыгын сайыннаран фотостудия арыйара буоллар диэн баҕа санаалаахпыт. Билигин саҥа үлэ көрүҥүн саҕалыыр дьону өйүүр социальнай хантараагы үөрэтэ сылдьабыт.
– Иккиэн айар куттаах дьон эбиккит. Бэйэ-бэйэҕитин ситэрсэн биэрэҕит. Кырдьык, Айсен үлэтигэр элбэх бириэмэни аныыр эбит. Дьахтар киһи быһыытынан үлэтигэр күнүүлээбэккин дуо?
– Эппитиҥ курдук бэйэ-бэйэбитин ситэрсэн биэрэбит. Дьиэбитигэр иккиэн ыллыырбытын сөбүлүүбүт. Ордук ыраах айаҥҥа массыынанан туруннахпытына суолбутун билбэккэ тиийэбит. Мин оҕолорбун ырыанан биһиктээн утутабын. Айсен ыллыырын олуһун сөбүлүүбүн. Ырыаҕа ураты, сахалыы куоластаах. Бу өрүтүн салгыы сайыннарыаҕын баҕарабын. Ол эрэн, чиэһинэ эттэхпинэ, фольклор диэнтэн тэйиччибин. Биирдэ Айсенныын Олоҥхо ыһыаҕар барсан турардаахпын. Кэргэммин онно ураты харахпынан көрбүтүм. Кини талааныгар сүгүрүйээччилэр элбэхтэрин сөхпүтүм. Олоҥхолоон бардаҕына барытын умнан туран куйаарга көтөр эбит диэн илэ харахпынан көрөн итэҕэйбитим. Ол иһин, кинини барарын-кэлэрин, араас тэрээһиннэргэ кыттарын утарбаппын. Кини сөбүлүүр дьарыгынан умсугуйан туран, иэйэн-куойан туран дьарыктанарын биһириибин.
– Мария мин айымньылаах үлэбин, сөбүлүүр дьарыкпын өйүүр буолан маннык айа-тута сырыттаҕым дии. Араас көрүҥҥэ бэйэбин холонон көрөбүн. Олоҥхо миэхэ тыынар салгыным кэриэтэ. Онуоха мин уһуйааччыларбар махталым муҥура суох. Билигин 7 ырыа, ол иһигэр фольклор ансаамбылларын дьарыктыыбын. Бу биир киһи таһымыгар элбэх дии саныыбын. Улахан да дьон, оҕолор да бааллар. Кэлэктииппэр саҥа ырыа үөрэтэр буоллахпына кэргэммиттэн мэлдьи сүбэлэтэбин. Кини анал үөрэхтээх, билиилээх буолан ырыа маннык ылланнаҕына үчүгэйдик иһиллиэ, ылланыа диэн этэр. Кини оруннаах сүбэтин истэбин уонна ылынабын.
– Оҕолоргут ырыа, фольклор эйгэтигэр сыстаҕастар дуо? Ким туох талааннаах.
– Биһиги эмиэ оҕо буола сырыттахпыт дии. Мин фольклорга олоҥхо лааҕырыгар сылдьан сыстыбытым. Лааҕырга обургу оҕо сылдьан тиийбитим. Ол иннинэ тойук, олоҥхо да диэни билбэт этим. Ол иһин, да буолуо оҕолорбутун күүспүтүнэн туохха да күһэйбэппит. Бириэмэтигэр бэйэлэрин талааннарын арыйыахтара диэн эрэнэбит. Айсен оҕото олоҥхолуохтаах, туойуохтаах диэн буолбатах. Холобура, Мария оскуолаҕа сылдьан уруһуйга да, үҥкүүгэ да сылдьыбыта. Онтон эмиэ обургу сааһыгар ырыа эйгэтигэр сыстыбыта. Баҕар оҕолорбут уруһуйдьут, үҥкүүһүт да буолан туруохтарын сөп. Ол эрэн, дьиэбитигэр сахалыы эйгэни олохтуурга кыһаллабыт. Оҕолорбут сахалыы тылынан саҥараллар, кэпсэтэллэр.
– Мин оҕо сылдьан телевизорга академическай ырыаны толорор артыыһы көрбүтүм. Ол кэнниттэн эмиэ «лаампа уота» умайарын курдук кини курдук ыллыахпын баҕаран кэлбитим. Тутатына Евдокия Петровнаҕа ырыаҕа уһуйуллубутум. Онтон Элгээйигэ музыкальнай оскуолаҕа Мария Сергеевнаҕа дьарыктанан саҕалаабытым. Ол иһин, эмиэ оҕо бэйэтин араас көрүҥҥэ холонон көрүөхтээх дии саныыбын. Билигин кыыспыт олус үчүгэйдик уруһуйдуур, ыллыыр, пластилинынан ону-маны оҥорор. Онтон улахан уолбут эмиэ дьарыга элбэх. Онтон кыраларбыт билигин саҥа саҥаран-иҥэрэн эрэр саамай минньигэс кэмнэрэ. Кинилэргэ барыта иннигэр буоллаҕа дии… Көстөн иһиэҕэ.
Федоровтар дьоллоох дьиэ кистэлэҥэ бэйэ-бэйэни өйдөһүүгэ, өйөһүүгэ уонна улахан тапталга сытар диэн этэллэр.
Кэпсэттэ Мира АФАНАСЬЕВА