«Өтөөкү» микрорайон суолун оҥоруутун үлэтэ саҕаланна

Муус устар 15 күнүгэр Сунтаар нэһилиэгин баһылыга Эдуард Филиппов, улуустааҕы МКУ КИО инженера  Альберт Егоров уонна ХЭТ «Сунтаравтодор» кылаабынай инженера эбээһинэһин толорооччу Николай Жирков  буолан «Өтөөкү» сиригэр быйыл суол оҥоруутун үлэтин чопчулаатылар.
Микроройуон киирэр-тахсар суолун ХЭТ «Сунтаравтодор» дуогабар быһыытынан эһиил оҥорон бүтэриэхтээх, суол уопсай кээмэйэ 9,64 км. Бу микрорайон тутуута икки түһүмэҕинэн барыахтаах, бастакы түһүмэххэ суол оҥоруута, иккискэ уот ситимин киллэриитэ. Ону таһынан, баһаарынай резервуар тутуллуохтаах. Сирин уотун бэлэмнээһини тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин федеральнай тосхолунан оҥоһуллар. Микрорайон «Өтөөкү» тутуутун Саха Өрөспүүбүлүкэтин тутуу министиэристибэтин иһинэн үлэлиир СГЗ (служба гос заказчика) диэн тэрилтэ хонтуруоллаан уона сакаастаан оҥотторор. 2025 сылга уопсай үлэлэр түмүктэниэхтээхтэр.
Микрооройуон тутуутун бырайыагын Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев дьаһалынан уонна үбүлээһининэн,  «ГСК проект» ХЭТ оҥорбута.
Сунтаар нэһилиэгэр «Өтөөкү» диэн тыытыллыбатах күөх айылҕалаах, киэҥ ырааһыйаны элбэх оҕолоох 266 дьиэ кэргэттэргэ саҥа дьиэ тутталларыгар диэн түҥэттилэр. Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уурааҕынан, элбэх оҕолоох ыалларга бэриллэр сир инфраструктурата толору баар буолуохтаах диэн ирдэнэр.

«Сунтаар нэһилиэгэ» МТ дьаһалтата

Читайте дальше