Эт-сиин уонна уйулҕа арахсыспат ситимнээхтэр. Стрескэ сылдьар киһи санаата хараастарын таһынан, этэ-сиинэ эмиэ эрэйи көрөр уонна куһаҕан туругун киһиэхэ араас сигналынан биллэрэр. Ол гынан баран, биир үксүн киһи ол сигналлары аахайбат. Тастан киирэр информацияны дьиҥнээх уонна дьоһун суолталаах диэн, олорго болҕомтотун уурар. Инньэ гынан, киһи бэйэтин албыннанар, этэ-сиинэ соччото суох туруктааҕын нуорма курдук ылынарга үөрэнэн хаалар.
Киһи аймалҕан туругар киирдэҕинэ хайдах буоларый?
Сорох дьон уйулҕалара күүрэр эбэтэр өрүкүйэр. Оччоҕо киһи, бэйэтэ да өйдөөбөтүнэн аһара сүүрэр-көтөр, түбүгүрэр, сатаан биир сиргэ уоскуйан олорбокко, элбэхтик хамсанар буолар. Өскөтүн маннык турукка киирдэххитинэ, искитигэр күүрбүт энергияны таһааран көрүҥ. Манна ханнык баҕарар спортивнай хамсаныылар үчүгэйдик көмөлөһөллөр: сүүрүү, йога, харбааһын уонна да атын спорт көрүҥнэрэ. Өскөтүн итинник көхтөөх хамсаныы сатаммат буоллаҕына, илиигитин күүскэ сахсыйыаххытын, атаххытынан күүскэ үктэнэн тыас таһаарыаххытын эбэтэр хайдах эмэ хамсанан искитигэр баар күүрүүнү уонна өрүкүйүүнү босхолуоххутун сөп.
Оттон сорохтор маннык турукка төттөрүтүн чуумпуран, тугу эрэ кэтэспиттии иһийэн, хатан хаалаллар. Санаалара ханна эрэ атын сиргэ ытыллар. Маннык түгэҥҥэ киһи өйүн-санаатын сааһылаан, чөл толкуйу төнүннэрэ сатыахтаах. Сиргэ бигэтик тирэхтээххитин, салгыны холкутук тыынаргытын, эккит-сииҥҥит киинин билэҥҥит. Санааҕытын аймалҕантан аралдьытан билиҥҥигэ төнүннэрэ сатааҥ.
Киһи айманнаҕына тыынара түргэтиир уонна чычааһырар – биһиги эппит-сииммит оҥоһуута оннук. Итинник түгэҥҥэ тыынары бытаартахха – аймалҕан туруга сыыйа-баайа намырыыр, аччыыр. «Дыхание по квадрату» диэн ньыманы боруобалаан көрүҥ.
Түөрт ахсааҥҥа диэри ааҕан салгыны эҕирийиҥ. Онтон түөрт ахсаан устата тыыҥҥытын тутуҥ. Ол кэннэ түөрт ахсааҥҥа тыыҥҥытын таһаарыҥ уонна эмиэ түөрт ахсааҥҥа диэри тыыҥҥытын тутуҥ.
Бу ньыма киһини уоскутар уонна билиҥҥи буола турар бириэмэҕэ төннөрөр.
Киһи уйулҕатын туруга этигэр-сиинигэр дьайарын курдук, киһи этин-сиинин нөҥүө уйулҕатыгар эмиэ дьайыан сөп. Ол курдук, кыра-кыра физическэй эрчиллиилэр, илбийии, бэйэ этигэр-сиинигэр кыһамньылаах сыһыан киһи уйулҕата туруктаах, чиҥ буоларыгар эмиэ көмөлөһөллөр.
Аймалҕан кэмигэр бэйэни истэ үөрэнии олус туһалаах уонна дьоһун суолталаах. Онон бэйэҕитин истэ үөрэниҥ, харыстаныҥ уонна көмө наада буоллаҕына, 22-1-27 нүөмэргэ эрийэн, эбэтэр Сунтаарга Дормидонт Данилов уул. 3 нүөмэрдээх дьиэтин 17-с хоһугар кэлэн билсиҥ.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи психология киинин
Сунтаардааҕы филиалын социальнай педагога Марина МАКАРОВА.