Бүгүн С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан норуот айымньытын киинигэр Сунтаар улууһун «Хоһуун» Аҕа сүбэтин, эр дьонун I Тойон Сүбэ мунньаҕар дьон-сэргэ тоҕуоруһа муһунна. Тэрээһиҥҥэ улууспут баһылыга Анатолий Григорьев, улуус баһылыгын социальнай имиджевай политикаҕа солбуйааччыта Гаврил Еремеев, Арассыыйа Дьоруойун аҕата Николай Алексеевич Егоров, Ил Түмэн дьокутааттара Андрей Николаев, Афанасий Постников, улуустааҕы Аҕа сүбэтин салайааччыта Борис Уларов, улууспут нэһилиэктэрин баһылыктара, аҕа сүбэтин салайааччылара, көхтөөх уопсастыбанньыктар, эр дьон учууталлар кыттыыны ыллылар.

«Хоһуун» аҕа сүбэтин үлэтин-хамнаһын улуус аҕаларын сүбэтин салайааччыта Борис Уларов иһитиннэрдэ. Көрсүһүүгэ видеоконференц-сибээһинэн СӨ “Аҕалар лигаларын” бэрэссэдээтэлэ Айхал Габышев кытынна. «Хас биирдии уол оҕо элбэх оҕолоох ыал аҕата буоларыгар, хас биирдии ыал аҕата хос эһээ буоларыгар дьулуһуохтаах оччоҕо утум быстыбакка салҕаныа. Бу буолар биһиги улуу өбүгэлэрбит ыра санаалара. Оҕолорбутун тапталынан, бэйэбит үтүө холобурбутунан уонна үлэнэн иитэн таһаарыахтаахпыт. Ыал аҕатын алгыһынан арчыланан, ыал ийэтин мичээринэн сырдаан, оҕотун саҥатынан дьоллонон, үүнэ-сайда тураргытыгар баҕарабын» -диэн үтүө, баҕа санаатын үллэһиннэ.
Бу күн үөрүүлээх быһыыга-майгыга СВО кыттыылаахтарыгар, кинилэри иитэн-такайан таһаарбыт аҕаларыгар бочуотунай грамота, түөскэ кэтиллэр мэтээл Арассыыйа Дьоруойугар Филипп Евсеевка, Арассыыйа дьоруойун Дмитрий Егоров төрөппүт аҕатыгар Николай Алексеевич Егоровка туттарылынна. Ону тэҥэ, актыбыыс аҕаларга Махтал суруктары туттардылар. Көрсүһүүгэ кэлбит дьон, тэрилтэ салайааччылара санааларын атастаһан, аҕа түмсүүлэрин үлэтин инники былааныгар этиилэри киллэрэн үлэ былааннаахтык барыахтааҕын туһунан кэпсэттилэр.

Мунньах түмүктүүр чааһыгар хас биирдии оскуолаларга «Аҕа сүбэтин» тэрийэргэ, дойдуга бэриниилээх буолууга иитии, байыаннай дьайыы кыттыылааҕар, кини дьиэ кэргэнигэр көмө, чөлүгэр түһэрэр кииннэри кытта былааннаахтык үлэлэһэргэ ыҥырдылар. Уол оҕону төрүт үгэстэргэ, бултка-алтка сыһыаран, илиинэн үлэ сатабылларыгар, төрөөбүт төрүт тылбытын иҥэрэн о.д.а. үлэни ыытарга тосхол ылылынна.

Бу кэскиллэх тэрээһин  аҕа оруолун үрдэтиигэ, уол оҕону эр киһилии иитэргэ туһуланан, үрдүк таһымнаахтык тэриллэн эр дьон оһуохайынан түмүктэннэ.

Алена ИВАНОВА

.

Читайте дальше