Эппиэтинэстээх хаһаайын диэн кимий?

Сунтаарга бэйдиэ сылдьар ыттар элбээн саас­таах дьоҥҥо, оҕоҕо кутталы үөскэтэллэр диэн айдаан субу-субу социальнай ситимнэринэн тарҕанар. Сорох ыттар моойторуктаахтарыттан хаһаайыннаахтар диэн сабаҕалыахха сөп. «Тоҕо хаһаайыннаах ыт бэйдиэ сылдьан дьоҥҥо кутталы үөскэтиэн сөбүй? Биирдии­лээн дьон дьиэ харама­йын, чуолаан ыты, хайдах сөптөөхтүк, эппиэтинэстээхтик иитиэхтээхпитий?» диэн бу ыстатыйаҕа кэпсэтиэхпит.

«Ыт – киһи доҕоро» диибит. Ол эрэн бу доҕорбут икки атахтаахха кутталы үөскэтиэн сөп. Көрүүтэ-харайыыта судургу диэн санааттан, ыты элбэхтик иитэ ылабыт. Тыйыс айылҕалаах, томороон кыһыннаах Сахабыт сиригэр дьиэ таһыгар сылдьар, тымныыны тулуйар боруодата суох “саха лаайката” диэн ыттары иитэбит. Ол эрэн, ыт таһырдьа сылдьар эрэ диэн наадыйбат түгэммит эмиэ баар. Эппиэтинэстээх хаһаайыттар ыттарын хайдах көрөллөрүн, туталларын туһунан санааларын истиэххэ.

Сунтаар нэһилиэгин олохтооҕо, 77 саастаах Ким Павлов:

– Мин былыр-былыргыттан ыты иитэбин. Билигин Баһырҕас уонна Бэргэн диэн атыыр, булка сылдьар ыттардаахпын. Бу ыттарым мэлдьи баайыллан тураллар. Ойуурга эрэ кинилэр талбыттарынан сүүрэллэр-көтөллөр. Нэһилиэк иһигэр, дьиэ таһыгар хаһан да ыыппаппын. Баайыллан турарга үөрэммиттэр. Ыт мэлдьи тот буолуохтаах. Мин ыттарбын иҥэмтиэлээх аһылыгынан аһатабын.  “Мясной двортан” эрбэммит эт кыырпаҕын, куурусса иһин ылабын. Балыгы эмиэ көрөн биэрэбин. Быһыыларын бириэмэтигэр көтүппэккэ бэрдэрэбин. Ол иһин ыттарым доруобайдар. Ыттарбын мөхпөппүн, кэһэппэппин.

Ыт хаһаайынын кытта көстүбэт ситим олохтонор. Санаарҕаабыт, хомойбут, үөрбүт буол­лаххына, ыт ону барытын билэр, сэрэйэр. Ол иһин өйдөөх ыт хаһаайына сөбүлээбэтин оҥорбот буолар.

Мээнэ үрэр ыттар иитиилэрэ, хаһаайынын такайыыта тиийбэт дии саныыбын. Ыт таһырдьа кыстыыр. Ол иһин, уйата сылаас буолуохтаах. Уйатыгар от быраҕабын. Дьаарбатыахпын баҕардахпына эбэтэр ыттарым булка тахсыахтарын иннинэ атахтарын чэрдитэн, ойуурга таһааран сүүрдэбин. Бэйэҥ да ойуурга сылдьан өйгүн-санааҕын сааһыланаҕын. Онон ыт баайыллан турара туох да куһаҕана суох.

 

Оттон ыты иитиигэ саҥа ылсан эрэр эдэр киһи Анатолий Дмитриев санаатын истиэххэ. Кини Сунтаар аэропордугар үлэлиир, 2016 сылтан ыты иитэр:

– Мин аан бастаан ыты иитэ ыларбар ыты сөптөөхтүк көрүү-харайыы туһунан элбэх литератураны аахпытым. Онтон ыт туһунан син билиим кэҥээтэ диэн ыт иитэргэ санаммытым. Ыппын кытта араас булка сылдьабын. Уолчаан миигин үөрдэрэ элбэх. Билигин ыппын вольерга тутабын.

Ыт иитээччилэргэ сүбэлиэм этэ, ыкка вольерда тутуҥ диэн. Вольер туттар туох да ыарахана суох. Куйаар ситимигэр вольер тутуутун туһунан элбэх иһитиннэрии,  видео баар. Кыратыттан ыт вольерга сылдьа үөрэнэр. Босхо сылдьар ыт нэһилиэнньэҕэ кутталы үөскэтэр диэн сөпкө этэллэр. Ыт мэлдьи тот буолуохтаах. Ытырыык ыттарга ыт майгытын билбэт дьон түбэһэр. Бэйдиэ сылдьар ыттар ханна эрэ аһыыр, утуйар сирдээх буолаллар. Онтуларын көҥөнөн үрэллэр, дьону куттуохтарын сөп.

Ыт элбэх буолан муһуннаҕына биир ыт саба түстэҕинэ “толпа” сокуонунан бары саба түһүөхтэрин сөп. Ол иһин, элбэх ыт мустан сылдьарын көрдөххө, туора хаамыахха наада.

Ыт иитэ ылар киһи эрдэттэн бэлэмнээх буолуон наада. Бастаан «мин бу тыынар тыыннааҕы сатаан иитиэм, сөптөөх усулуобуйаны олохтуом дуо?» диэн ыйытыкка хоруйдуон наада. Ыт – оҕо оонньуура буолбатах. Ол иһин, ыт хаһаайына тулуурдаах, эппиэтинэстээх, үтүө санаалаах буолуохтаах. Оччоҕо өр сылларга өйдөөх уонна бэриниилээх доҕордонуоххут.

Бүгүн билиһиннэрбит дьоруойдарбыт аҕам саастаах Ким уонна эдэр киһи Анатолий ыттарын хайдах иитэллэрин илэ харахпынан көрөн сэргээтим уонна биһирээтим. Ыты иитэр дьон бары кинилэр курдук өйбүтүн-санаабытын, толкуйбутун уларытан эппиэтинэстээх хаһаайын буоларга дьулуһуохтаахпыт.

Мира АФАНАСЬЕВА