Бүгүн, кулун тутар 19 күнүгэр, “Өлүөнэ очуостара” национальнай пааркаҕа VIII “Азия оҕолоро” Оонньуулар уоттара умайда. Уоту уматыы сиэригэр-туомугар Ил Дархан Айсен Николаев, Арассыыйа олимпийскай кэмитиэтин бэрэсидьиэнэ Станислав Поздняков, “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы кэмитиэт бэрэсидьиэнэ Владимир Максимов уонна хоккейга олимпиада икки төгүллээх чөмпүйүөнэ Вячеслав Фетисов кыттыыны ыллылар. Бу туһунан “Российская газета” сайтыгар суруйар.
Оонньуу уотун Өлүөнэ очуостарыгар уматыы үгэс быһыытынан тэрээһин буолуо 100 хонук иннинэ ыытыллар. Уот эстафетата сарсын, кулун тутар 20 күнүгэр, саҕаланыа, оонньууну төрүттээччи, Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев төрүт улууһуттан — Хаҥаластан — өрөспүүбүлүкэ бары улуустарынан айанныа.
“Биһиги улууспутугар, Сунтаарга, “Азия оҕолоро” уотун кулун тутар 27 күнүгэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга көрсүөхпүт. Бу күн оонньуу уота салгыы Мииринэйгэ айанныа”, — диэн улуус дьаһалтатын физическэй култуураҕа уонна успуорка отделын салайааччыта Семен Павлов иһитиннэрэр.
Оонньуу уота өрөспүүбүлүкэ бары улуустарын кэрийэн, бэс ыйын 26 күнүгэр Дьокуускайга кэлэн “Азия оҕолоро” оонньууну арыйыа.
“Сунтаар сонуннара” хаһыат.
Хаартыска: @lenapillarsnationalpark