Өлүөхүмэҕэ ойуур баһаарын умуруорарга көмөлөһөллөр

Өлүөхүмэ улууһугар быйыл сайын хас да ойуур баһаара туран, ыарахан балаһыанньа үөскээтэ. Биир сиргэ умуллардахтарына куйаас уонна тыаллаах күннэр тураннар баһаар атын сиргэ күөдьүйэн тахса турар эбит. Ону учуоттаан улуус дьаһалтата ойуур баһаарын умулларыыга көмө көрдөөн билигин миэстэтигэр Сунтаар, Ньурба, Үөһээ Дьааҥы, Горнай, Бүлүү, о.д.а. улуустартан «Авиалесоохрана», «Якутлесресурс» базаларын, Арассыыйа ЫБММ парашютистара, десантниктара барыта 500-тэн тахса киһи ойуур баһаарын утары охсуһа сылдьар диэн Өлүөхүмэ улууһун дьаһалтата иһитиннэрэр.

 

Сунтаар авиабазатыттан билигин баһаары умуруорууга 20 десантник сылдьар эбит. Парашютистар бэҕэһээ Мииринэйтэн дойдуларыгар кэлбиттэр.

Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар бэҕэһээҥҥи туругунан 13 улууска (оройуоҥҥа) барыта 98 ойуур баһаара турбут эбит. Олортон ордук ыарахан балаһыанньа Алдан, Уус-Маайа уонна Өлүөхүмэ оройуоннарыгар үөскээбит.

Гаврил АНДРЕЕВ.

Хаартыскалар «Сунтаар улууһа (оройуона) МО пресс-сулууспатын ТГ каналыттан.

Читайте дальше