Элгээйиттэн СВО-ҕа диэри тимир көлөнөн

Элгээйи нэһилиэгиттэн анал байыаннай дьайыыга хас да киһи кытта сылдьар. Нэһилиэк олохтоохторо СВО-ҕа көмөлөһөн байыастарга “сухой паек” бэлэмнээбиттэр. Набор иһигэр ыыһаммыт убаһа этэ, собо миинин бороһуога уонна отон муоруһун хойуута баар. Маны оҥорорго Сунтаар улууһун дьаһалтата тэрил ыларга көмөлөспүтэ. Бу бэлэмнээбит астарын нэһилиэк баһылыга Павел Григорьев уонна нэһилиэккэ “Эр сомоҕо” аҕалар түмсүүлэрин салайааччыта Василий Меняков буолан анал байыаннай дьайыы ыытылла турар сиригэр толору көмө тиэйиилээх массыынанан тиийэ сырыттылар. Нэһилиэк олохтоохторо Николай Николаев анал байыаннай дьайыыга сылдьар доҕоругар «Шаман» диэн позывнойдаах байыаска квадроцикл ыыппытын тиксэрдилэр. Ону таһынан, нэһилиэккэ бэтэринээринэн үлэлиир Аркадий Егоров көмөтүн уолаттарга түҥэттилэр. Анал байыаннай дьайыы Аркадий аймаҕын хаарыйбыт буолан бу буола турар балаһыанньаны кини чугастык ылынар: “Туох кыайарбынан байыастар олохторун чэпчэтээри көмөбүн оҥоробун” диэн үллэһиннэ.
Сунтаартан уопсайа Москваҕа диэри 7 күн айаннаабыттар. Москваҕа Сунтаар улууһун баһылыгын Анатолий Григорьев бөлөҕүгэр кыттыһан салгыы Ростовка- Новоазовскайга тиийэн икки бөлөҕүнэн хайдан уолаттарга көмөнү тиксэрдилэр. Анал байыаннай дьайыы ыытыллар сиригэр тиэйиилээх тиэхиникэни элбэхтик тохтотоллор, бэрэбиэркэлииллэр. Павел Григорьев Элгээйи нэһилиэгин баһылыга: “Нэһилиэккэ бу курдук үтүө санаалаах, дойдуга бэриниилээх дьон баар буолан уолаттарбыт тирэхтээхтэр, сарсыҥҥыга эрэллээхпит. Холобура, Николай ыыппыт квадроциклын Дьокуускай куоракка «Стейл» транспортнай компания салайааччыта Геннадий Коваленко СВО-ҕа баран эрэр тиэхиникэни босхо илдьэбин диэн үөрдүбүтэ. Бу буоллаҕа дьон көмөтө, өйөбүлэ, үтүө санаата”. Бу айаҥҥа элбэх саха уолун көрсөн дойдуларын кэһиилэрин түҥэппиттэр. Уолаттар дойдуларын аһын тутаннар үөрүүлэрэ үгүс, күүс-сэниэ эбиммиттэрин тиэрдэллэр.

Мира АФАНАСЬЕВА

Читайте дальше