Быйыл Г.И. Павлов тэрийбит Элгээйи-Дьокуускай маршрутунан сатыы хаамыы 35, Үлэ Дьоруойа П.Х. Староватов төрөөбүтэ – 150, дойдуга Педагог уонна уһуйааччы сылларынан, Элгээйи орто оскуолатын оҕолоро бүгүн, балаҕан ыйын 12 күнүгэр, Элгээйи – Маар Күөл – Уһун Күөл – Тойбохой – Кириэстээх – Соколинай Коса маршртунан сатыы айаҥҥа туруннулар. Бу историяҕа хаалар түгэни өрөгөйдөөх линейкаттан саҕалаатылар. Бу тэрээһиҥҥэ Элгээйи ытык кырдьаҕаһа, уһун дистанцияҕа оҕолору сатыы хаамтарыыны бастакынан, кэлин хаста да төхтүрүйэн тэрийбит Григорий Иннокентьевич Павлов кэлэн, алгыс тылынынан айанньыттары атаарда. Ону тэҥэ урукку сатыы айан кыттыылаахтара, оскуола кэлэктиибэ, оҕолор, төрөппүттэр уо.д.а. кэлэн, оҕолору уһун айаҥҥа атаардылар.
Оҕолору бу үс күннээх айаҥҥа Василий Харитонов салалтатынан Савва Винокуров, Владимир Иванов, Андрей Иванов, Алексей Антонов, Айгыына Игнатьева уонна сирдьит Андрей Кондратьев арыаллаан илдьэ сылдьыахтара. Савва Константинович Винокуров уонна Алексей Еремеевич Антонов, урут Элгээйи – Дьокуускай маршрутунан сатыы хаамыы кыттыылаахтара, наставниктыахтара. Барыта 9-11-с кылаастартан 8 оҕо (икки кыыс уонна алта уол) бу уһун айаҥҥа туруннулар. Экспедиция сарсын Уһун Күөлгэ тиийэр, саха норуодунай поэта Леонид Попов төрөөбүт Арыылааҕын көрөр, билсэр, үөрэтэр былааннаах. Бу суруйааччы олоҕун чинчийэр-үөрэтэр тэрээһин Сунтаар улууһугар төрөөбүт төрүт тыл сылын чэрчитинэн барыа.
Элгээйи орто оскуолатын директора Софья Игнатьева:
Биһиги бу тэрээһиммитин сатыы хаамыы 35 сылыгар уонна оскуолабыт аатын сүгэр Үлэ Дьоруойа П.Х. Староватов төрөөбүтэ 150 сылыгар анаан тэрийдибит. Экспедиция өйүүн Кириэстээххэ баар Үлэ Дьоруойа Владимир Африканович Михайлов Бордоҥ сайылыгар тиийэр былааннаах. Онно оҕолор билиҥҥи кэм Үлэ Дьоруойун үлэтин-хамнаһын, киниэхэ анаммыт түмэлин илэ харахтарынан көрүөхтэрин баҕарабыт. Биһиги Василиса Васильевналыын массыынанан арыаллаан тиийиэхтээхпит”.
Ыраах айантан толлубат, сатыы сырыыттан чугуйбат оҕолорго, үтүөҕэ үөрэтэр, тус уопуттарыгар уһуйар наставниктарга этэҥҥэ айаны, өйгө-санааҕа хатанар бэртээхэй сырыыны баҕарыаҕыҥ.
«Сунтаар сонуннара» хаһыат.