Сэтинньи 17 күнүгэр Дьокуускайга биллиилээх кыраайы үөрэтээччи, учуутал, уопсастыбаннай диэйэтэл, Саха сиригэр бастакы Үлэ Дьоруойа (1928 с.) Петр Хрисанфович Староватов төрөөбүтэ 150 сылыгар үөрүүлээх тэрээһин буолла.
Петр Хрисанфович олорон, үлэлээн ааспыт Бүлүү, Сунтаар улуустара, Ем.Ярославскай аатынан Хотугу сир норуоттарын устуоруйатын уонна култууратын судаарыстыбаннай холбоһуктаах мусуойа, Национальнай архыып үлэһиттэрэ, Ньурба улууһа күүстэрин түмэн, Дьокуускай куоракка үрдүк таһымнаахтык бэлиэтээтилэр. Ол курдук, кини олоҕун, үлэтин-хамнаһын сэргээччилэр Ем.Ярославскай аатынан мусуойга анаан-минээн кэлэн, олус баай ис хоһоонноох быыстапканы астына көрдүлэр. Манна Элгээйи уонна Бүлүү мусуойдарыттан барыта 250-ча малы-салы аҕалан көрдөрүүгэ туруордулар.
Национальнай бибилэтиэкэҕэ «П.Х.Староватов. Жизнь и деятельность» кинигэ сүрэхтэннэ. Онтон киэһэ Б.Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар Петр Староватов аатын сүгэр Элгээйи орто оскуолатын кэлэктиибэ театрализованнай дьүһүйүүнү туруорда. Ону сэргэ Бүлүүттэн анаан-минээн кэлбит айар талааннаахтар биир дойдулаахтарын уонна куорат олохтоохторун, ыалдьыттарын махталларын ыллылар.
“Артыыстар диэбиппит, учууталлар эбит…”
Дьүһүйүүнү көрбүт үгүс киһи учууталлар буолбакка, идэлээх артыыстар оонньоотулар дии санаабыттарын туһунан эттилэр уонна элгээйилэр улахан үтүөлээх киһилэрин үйэтитэргэ эдэрдиин-эмэнниин үлэ үөһүгэр сылдьалларын сөхтүлэр-махтайдылар, махталларын биллэрдилэр. Дьүһүйүүнү биллиилээх суруналыыс, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, суруналыыстыка салаатыгар СӨ судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, Бүлүү улууһун уонна Бүлүү куоратын бочуоттаах гражданина Николай Александрович Крылов «Человек опередивший время» кинигэтинэн туруорбуттар. Ону таһынан Николай Якутскай «Аата алмааска» сэһэнинэн СӨ култууратын туйгуннара Людмила Павлова, Надежда Попова суруйбут сценарийдарынан быһа тардыылар киллэриллибиттэр. Дьүһүйүү сценариһа — СӨ култууратын туйгуна Татьяна Семенова, режиссера – СӨ култууратын туйгуна Эльвира Николаева.
Өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһа кыттыылаах үөрүүлээх тэрээһини саҕалаабыт дьүһүйүүнү СӨ култууратын туйгуна, Уйбаан Нуолур аатынан олохтоох бибилэтиэкэ сүрүн бибилэтиэкэрэ Татьяна Семенова бэрт холкутук, ис-киирбэхтик иилээн-саҕалаан ыытта. Петр Староватов оҕо эрдэҕинээҕитин Элгээйи орто оскуолатын 7-с кылааһын үөрэнээччитэ Августин Капитонов сэргэхтик оонньоон, көрөөччү тапталын ылыан ылла. Оттон Староватовы бэйэтин Элгээйи орто оскуолатын устуоруйаҕа учуутала Вячеслав Сафонов итэҕэтиилээхтик толордо. Оруолларга казак офицерын «Оһуор» култуура киинин испэсэлииһэ Клим Петров, Баачыканы олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччы Аркадий Самойлов, вице-губернатор Скрипицыны Сергей Ефремов, учуутал Владимир Ивановиһы Элгээйи орто оскуолатын физкультураҕа учуутала Савва Винокуров, «Ийэ тыл ааҕар бөлөх» (Элгээйи орто оскуолатын алын сүһүөх кылааһын учууталлара) уо.д.а. оонньоотулар.
Оператор, тыас-уус, экран фото, видео футажтар: «Оһуор» култуура киинин оператора Гаврил Иванов уонна У.Нуолур аатынан олохтоох бибилэтиэкэ исписэлииһэ Елизавета Иванова. Үөрүүлээх чааһы арыйыыны, фольклору СӨ култууратын туйгуна Евдокия Захарова салайда. Костюмердар: СӨ култууратын туйгуна Ульяна Самойлова, Мария Егорова. Макеты Элгээйи орто оскуолатын үлэ уруогун учуутала Николай Харитонов оҥордо, реставрация үлэтин – Мария Чагдинская
Уопсай тэрээһиҥҥэ П. Х. Староватов аатынан Элгээйи орто оскуолатын дириэктэрэ Софья Васильевна Игнатьева, Василиса Васильевна Миронова, Оксана Николаевна Кривошапкина дьаныардаахтык үлэлээтилэр. Биир дойдулаахтара Эльвира Самуиловна бэйэтин күүстээх исписэлиис быһыытынан өссө төгүл дакаастаабытын, аҕыйах бириэмэ иһигэр биир улахан киһи олоҕун сырдатар дьүһүйүүгэ хас биирдии оруолу толорор дьонун сөпкө аттаран, уобарастарын көрөөччүгэ арыйалларын ситиспитин астына бэлиэтээтилэр.
Эльвира Максимова, Национальнай бибилэтиэкэ үлэһитэ: «Дьэ кырдьык, Элгээйи талааннаах дьон олорор нэһилиэгэ буоларын өссө төгүл итэҕэйдибит: олус да үчүгэйдик оонньоотулар. Маннык улахан тиэкистэри өйтөн саҥараллар, дикциялара да чаҕылхай, таҥастара-саптара — ол сыллардааҕы стиль олус табыллыбыт. Уолчаан эмиэ улахан дьонтон хаалсыбакка үчүгэйдик оонньоото. Маладьыастар! Аны дьүһүйүү устатын тухары улахан экраҥҥа хаартыскалар көстөллөрө ылыллыбыт тиэмэни ситэрэн-хоторон биэрэр, итинтэн улахан эстетическэй астыныыны ыллыбыт. Испэктээк үрдүк таһымнаахтык туруоруллубут. Бүтүн биир хамаанда түмсэн биир санаанан оонньообута илэ-чахчы көһүннэ».
Саҥа кинигэҕэ – саҥа булумньулар
СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин историческай саалатыгар сүрэхтэммит «П.Х.Староватов. Жизнь и деятельность» кинигэ Саха сиригэр Үлэ сылын, Арассыыйаҕа Учуутал уонна уһуйааччы сылларын чэрчитинэн күн сирин көрдө. Бүлүүлэр көҕүлээһиннэринэн, Национальнай архыып күүһүнэн бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэҕэ урут ханна да биллэ-көстө илик докумуоннар киирдилэр.
Биллэрин курдук, Петр Хрисанфович – Бүлүү биир саамай биллэр-көстөр киһитэ, кини көхтөөх үлэтинэн Бүлүү куорат, өрөспүүбүлүкэ эрэ буолбакка, Арассыыйа устуоруйатыгар дириҥ суолу хаалларбыта.
Кинигэ сүрэхтэниитигэр кыттыыны ылбыт Бүлүү улууһун баһылыга Сергей Винокуров: “Уһулуччулаах учуутал Петр Хрисанфович кэлин өрөспүүбүлүкэ устуоруйатын оҥорсубут элбэх дьону ииппитэ уонна үөрэппитэ. Кинилэр ортолоругар биһиги Степан Аржаковы, Исидор Бараховы, Дора Жиркованы, Григорий Семеновы уо.д.а. ааттыыбыт. Петр Староватов учуутал эрэ буолбакка, төрөөбүт кыраайы үөрэтиигэ олус элбэҕи оҥорбут киһинэн биллэр. Кини – кыраайы үөрэтээччи быһыытынан дойдуга барытыгар биллэр”, – диэн санаатын үллэһиннэ.
СӨ Национальнай архыыбын дириэктэрин солбуйааччы Наталья Степанова эппитинэн, Петр Староватов чугас дьонун туһунан күн бүгүҥҥэ диэри туох да биллибэт этэ. Кини ийэтин, аҕатын туһунан аҕыйах эрэ тылынан ахтыбыта баара. Архыып үлэһиттэрэ быһаарбыттарынан, кини аҕата Хрисанф Любимович Староватов 1874 сыллаахха Өлүөхүмэҕэ олоро сылдьыбыт.
Надежда ЕГОРОВА
Хаартыскалар: Элгээйитээҕи Култуура киинин тиксэриилэрэ