Бүгүн, балаҕан ыйын 23 күнүгэр П.Х.Староватов аатынан Элгээйи орто оскуолатыгар «Ил Түмэн» Судаарыстыбаннай сүбэ дьокутааттара Афанасий Постников, Андрей Николаев ыалдьыттаатылар. Саха сирин Судаарыстыбаннаһын күнүгэр аналлаах «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» тиэмэнэн үөрэнээччилэри кытары көрсүһүү ыыттылар. Оскуола оҕолоро кэпсэтиигэ көхтөөх кыттыыны ыллылар уонна интэриэһиргиир боппуруостарын биэрдилэр. Тэрээһин сэргэхтик ыытыллан, оҕолорбут төрөөбүт дойдуларын историятын, Судаарыстыбаннай уорганнар үлэлэрин-хамнастарын туһунан элбэх саҥаны билэннэр, билиилэрэ-көрүүлэрэ хаҥаата.
Софья ИГНАТЬЕВА,
П.Х.Староватов аатынан Элгээйи орто оскуолатын дириэктэрэ.