Элгээйи күнүгэр көҕөрдүү үлэтэ

Үлэни өрө туппут үтүө дьонноох Элгээйи нэһилиэгэр кэрэ көстүүлээх искибиэрдэр сэлиэнньэ көстүүтүн тупсараллар, история кэрэһиттэрэ буолан үлэ кэлэктииптэрин, аҕа көлүөнэ албан аатын үйэтитэ тупсаҕайдык оҥоһуллан хараҕы үөрдэллэр, оҕо дьону патриоттуу тыыҥҥа иитэллэр.

Ол курдук араас үбүлүөйдээх сылларга «Дьуоҕалаах ферматын,» ,»Элгээйи сельПО-тун», «Элгээйи совхоһун», «Элгээйи бочуоттаах олохтоохторун» искибиэрдэрэ оҥоһуллубуттара.

Саамай көстүүлээх сиргэ таптал иэйиитин уруйдуур «Сүрэх» бэлиэ турбута.

Бүгүн,балаҕан ыйын 9 күнүгэр Элгээйи бочуоттаахтарыгар анаммыт искибиэргэ нэһилиэк баһылыгын социальнай боппуруостарга исписэлииһэ Надежда Геннадьевна көҕүлээһининэн, нэһилиэкпит дьаһалтатын үлэһиттэрин, баһылык Павел Анатольевич тэрээһининнэринэн, бочуоттаах олохтоохтор мас олортубут. Бу үлэҕэ Б.Н.Андреев аатынан Айылҕа түмэлин эр дьоно субуотунньуктаан мас түөрэн көмөлөстүлэр.

Сэлиэнньэбит ортотугар күөҕүнэн суугунуур, сибэккинэн симэнэр искибиэр үтүөҕэ-кэрэҕэ ыҥыра, хараҕы манньыта турдун!

Маргарита ЗАБОЛОЦКАЯ.

Читайте дальше