«Алгыс» түмсүүнү кытта Өлөөн улууһугар барсан кэллим. Сэһэҥҥэ суруллубут, кэпсээҥҥэ кэпсэммит аламаҕай дьону, кинилэр олохторун билиэхпин баҕарар этим. Саха буоламмын уу харахпынан көрдөхпүнэ, эт кулгаахпынан иһиттэхпинэ итэҕэйэр адьынаттаах буоламмын, баҕам туолан, биир суукка айаннаан, сарсыарда 6 чаас аһыыта Өлөөҥҥө тиийдибит.
Тиийээппитин кытта култуура хотуна Надежда Николаевна көрсөн ыалларынан тарҕаталаата. Кэлбит сарсыардабытыгар 11 чаастан Харыйалаах, бөһүөлэгэр табаһыттар слеттарыгар кыттыыны ыллыбыт. Эҕэрдэ эттибит, бадаарак туттардыбыт. Баһылык Владислав Васильевич «Алгыс» түмсүүнү эҕэрдэлээн тыл эттэ, бэлэх туттарда. Онно бэлиэтии көрбүтүм, табаһыттар, чуум үлэһиттэрэ эдэрдэр эбит. Салайар каадырдарга бииргэ үөрэммит доҕотторум, төһө да сааһырдаллар, биэнсийэҕэ олордоллор, таба итиитигэр сүбэ-ама биэрэ, туруорса олороллорун бэлиэтии көрдүм.
Эбээлэр түмсүүлэрэ ыҥыран, астаах остуол тула олорон ирэ-хоро үлэ-хамнас туһунан кэпсэттибит. 1999 сылтан араас түмсүү тэриллэн үлэлиир эбит. «Арчы» диэн эбээлэр түмсүүлэрэ «ырыанан үлүһүйбэккэ, быһаччы өбүгэ ситимигэр үөрэтэбит, оскуоланы кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиибит, иҥииринэн сап оҥорортон саҕалаан тириини таҥастыырга, тигэргэ үөрэтэбит. Эдэр ыччат аһара ылынар биэнсийэбититтэн көмө оҥоробут, муус ылыытыгар кытта кыттабыт» диэн кэпсииллэр. «Ийэ мичээрэ» диэн быйыл эдэр ийэлэр саҥа түмсүүнү тэринэн, төрүт тылларынан ырыа айан ыллыыр буолан эрэллэр эбит. Оскуолаҕа төрүт тылларын үөрэтэр учууталлар кэлбиттэр. Эбээлэр түмсүүлэрэ, алын кылаастары ылан, олору кытта шефтэһэн үлэ-хамнас ыыталлар эбит. «Биир кылааһы выпустаан, саҥа кылааһы ыллыбыт», – дэһэллэр. Эргэ дьиэни ылан бэйэлэрин үптэринэн оҥостон, мустар дьону көрсөр туспа дьиэ оҥостубуттар. Уотун, сылытыытын дьаһалта төлүүр эбит. Салгыы музейга сырыттыбыт. Онно билиһиннэрбиттэринэн, сэбиэскэй былаас 1934 сыллаахха олохтоммут. Бөдөҥсүтүү чэрчитинэн, политбүрүө чилиэнэ Сусловтыын Винокуров диэн киһи «бу сиргэ олохтоон дьону мунньан бөһүөлэк олохтуохха» диэн Өлөөн бөһүөлэгин олохтообуттар. Музей таһыгар ону бэлиэтиир искибиэр баар. Музей иһигэр аан бастакы картаттан саҕалаан олохтоох дьон хайдах олорбуттарын көрдөрөр толору араас экспонаттар бааллар. Музей үлэһитэ экспонат аайы тохтоон сиһилии кэпсээтэ. Музей дьиэттэн кинигэттэн ааҕан өйбөр хатаабыт эппиэттэрбин булан туһа бөҕөнү ыллым.
Дойдуга алдьархай тахсан, таба бырааһынньыга бобуллан, көрө кэлбит тэрээһиммит буолбата. Ол да буоллар, тэрээһин буолуохтаах сирин Өлөөн эбэни киирэн көрөн хаартыскаҕа түстүбүт, бураанынан хатааһылаан астынныбыт. Ыраахтан ыҥырыллан кэлбит саастаах дьону ытыктаан, Сунтаартан төрүттээх кийииттэр, күтүөттэр, кинилэр хотуттара көрсүһүү тэрийдилэр. Сунтаарбыт оҕолоро Өлөөн сиригэр баран оҕо-уруу тэнитэн, ытыктанар ыал буолан олороллорун истэн үөрдүбүт.
Көрсүһүүгэ иистэнньэҥнэр удьуордара кэлэн кыттыыны ылан кэпсээтилэр, тикпит таҥастарын көрдөрдүлэр, кэтэрдэн хаартыскаҕа түһэрдилэр. Эҕэрдэлэһии, бэлэх бэрсиһии буолла.
Михаил Андреев диэн эдэр оҕо таба тириитин имитэн араас таҥаһы, хоруоҥка киэргэллэри тикпитин сөҕө-махтайа көрдүбүт. «Тириини туох да химията суох мас эмэҕинэн таҥастыыбыт», – дииллэр иистэнньэҥнэр. Быйыл аатырбыт иистэнньэҥнэригэр Венчик Альбина Афанасьевнаҕа ийэлэр түмсүүлэрэ кыттыһан, бэйэлэрин үптэринэн искибиэр тутаары сылдьаллар эбит.
Олох-дьаһах туһунан ыйыталастым. Билигин даҕаны көһө сылдьар оскуола үлэлиир эбит. Дьиэлэрин аайы киин ититии киирэн, дьиэ иһэ сылааһынан быргыйар, өссө батареяларын бүрүйэн тураллар эбит. «Урут конденсатынан оттуктаах эрдэҕинэ тымныы этэ, быйыл ньиэп киирэн итийдэ», – дэһэллэр. Сайын өттүгэр оҕуруот аһа үүннэрэллэр, кууруусса аҕалар буолан сайын сибиэһэй сымыыты сииллэр, сорох ыаллар кыстатан тураллар эбит. Үрүҥ аһы куораттан, Мииринэйтэн кэлиини аҕалан атыылыыллар үһү. Таас оскуола, таас дьиэлэр тутуллубуттар. «Быйылгыттан таас дьиэлэр тутуулара саҕаланар, кумахпыт, гравийбыт бэйэбит киэнэ, онон цементэ эрэ кэлэр», – дииллэр. «Өлөөн таһыгар алмаас көстүбүт, ону сотору хостуохтаахтар, эбэбит уута, айылҕабыт хайдах буолара буолла», – дэһэллэр.
Хас көрсүһүү аайы, улууспут баһылыгын Анатолий Васильевиһы истиҥник ахтан аастылар. «Биһигиттэн салайар үлэҕэ куорсун анньынан ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьарын истэн үөрэбит», – дииллэрин астына иһиттибит. «Алгыс» түмсүү кыттыылаахтарыгар анаан «Тулуургутунан, дьулуургутунан сөхтөрдүгүт, хас биирдии киһиэхэ холобур буоллугут», – диэн хайҕал тылын эттилэр. Чахчы даҕаны, 80 саастарын туолаары, сорохтор ааһа көппүт дьон диэтэххэ, суукканан айаннаан тиийэн, сынньана түһэр диэни билбэккэ, үргүлдьү сылдьааһыны мээнэ киһи тулуйбат буолуохтаах.
Алдьархайынан ситимнээн улахан кэнсиэр эмиэ буолбата. Ол да буоллар, көрсүһүү аайы ырыабытын, тойукпутун, оһуохайбытын туох баарынан иһитиннэрдибит.
Айаммытын, улууспут баһылыга Анатолий Васильевич массыына булан, босхо күүлэйдээн кэллибит. Таба бырааһынньыгын көрө барбыппыт да буоллар, буолбатаҕар хомойбокко, тус бэйэм хоту дойдуну көрөр ыра санаам туолан, 45 сыл буолан баран бииргэ үөрэммит доҕотторбун көрсөн, ырыаҕа ылламмыт Өлөөн эбэни уһаты-туора сылдьан, хаартыскаҕа хатанан, таас хайаларын уу харахпытынан көрөн, сылааһынан илгийэ сылдьар дьоннуун алтыһан бары дуоһуйан кэллибит.
Таба бырааһынньыгын көрдөрбөтөхтөрүттэн олохтоохтор хомойдулар: «Эһиил үбүлүөйдээх бырааһынньыкка кэлээриҥ, бырааһынньыкпытын «Алроса» үбүлүүр, быйыл 500 тыһ. солк. уу харчынан уонна буран туруорбута, эһиил биир мөлүйүөнү туруорар үһү», – дэһэ хааллылар.
Баһылыкпытыгар Анатолий Васильевичка, Өлөөн улууһун култууратын салалтатын салайааччы Надежда Николаевнаҕа, кэргэнигэр Алексей Афанасьевичка, иккиэн Сунтаартан төрүттээхтэр эбит, үөрэ-көтө көрсөн астаах сандалыны тэрийбит Өлөөн олохтоохторугар, тиэйэ сылдьыбыт суоппар уолаттарбытыгар барҕа махталбытын тириэрдэбит. Сылаас сыһыаҥҥытыгар сыламнаан, үтүө майгыгытын өйүө гынан, туох да хара дьайга ылларбат кытаанах доруобуйаҕытын куйах оҥостон, санаабыккыт сатанан, туппуккут тупсан, ылсыбыккыт ыпсан, дьиэ кэргэҥҥитигэр иллээх-эйэлээх олохтонон, үөрүү-көтүү аргыстаах уһуннук дьоллоохтук олоруҥ диэн «Алгыс»түмсүү аатыттан алгыс баһын сыалыыбыт.
Розалия СИДОРОВА-ЫМЫЫЧААНА