Эксээмэннэри хайдах ситиһиилээхтик туттарыахха?

Эксээмэн — хаһан баҕарар саамай долгутуулаах буолар. Бу кэмнэри биһиги хайдах доруобуйабытыгар, ис турукпутугар охсуута суох аһарыныахпытын сөбүй?
Бастакынан: аптекаттан араас уоскутар эмтэри мээнэ иһиэ суохха наада. Кинилэр эн мэйииҥ үлэтин бытаардаллар, биир тутул толкуйу ыһаллар уонна өссө илиигин, атаххын салҕалас оҥоруохтарын, хараххын туман быыһынан
көрөр гыныахтарын сөп. Эмп аата эмп, ол эмҥэ хайдах реакциялаан туруоҥ биллибэт. Ол оннугар элбэхтик ыраас, сибиэһэй салгыҥҥа күүлэйдээ. Күннээҕи режимы сөпкө аттаран тутус; сөпкө утуйан, аһаан, күннээҕи
былааны сааһыланан, эксээмэҥҥэ бэлмэнэнии бириэмэлэригэр уһуннук олорон хаалбакка, тохтобул оҥорон эти-сиини уһугуннаран, хамсанар эрчиллиилэри оҥоро сылдьыллыахтаах. Сааһыламмыт режимтэн киһи күүс-уох ылар, саҥаны билэн бэйэҕэ иҥэринии олохтонор.
Иккиһинэн: толору иҥэмтиэлээх аһы аһааһын. Аскыт белогунан баай буолуохтаах, онно киирсэллэр: сарсыардааҥы аска — иэдьэгэй (творог), сүөгэй, сымыыт. Эбиэккэ: эттээх, оҕуруот астаах миин. Киэһээҥҥигэ: балык, куурусса, сүөгэй. Белоктаах ас мэйии үлэтигэр туһалаах, саҥа элбэх информацияны ылынаргар көмөлөөх. Уонна аһыыр аспыт уларыйа сылдьар буолуохтаах. Оҕуруот аһа, үчүгэй фрукта эбэһээт баар буолуохтаах, кини күүс-кыах, эрчимнээх буолууга оруоллаах. Эбии биир саамай кыра эрдэхпититтэн сиир аспыт хааһы баар туһалаах ас, кини араас буолар уонна кинилэр саамай элбэх битэмииннээх буолаллар.
Үсүһүнэн: эксээмэн буолар күнүгэр аҕыйах өлүү шоколад сиэххитин сөп. Кини биир тутул толкуйга көмөлөһөр. Шоколад минньигэһин суотугар киһиэхэ эйфория оҥорор, ол иһин кини стресс утары туһалаахантидеприссант диэн ааттыыллар. Минеральнай, газовай утахтары иһимэҥ. Эксээмэҥҥэ өссө биир быраабыла баар, ол сөпкө таҥныы. Бэйэҕитигэр барсар, туттарга-хаптарга ыга туппат, холку сылдьар, сөп буолар уонна киһи хараҕар аһара быраҕыллыбат өҥнөөх буолуохтаах. Ол бэйэҕэр даҕаны, эксээмэн да тутар учууталгар көмө буолуо.
Эбии сүбэлэр:
— Бэлэмнэниилэр саҕаланыахтарын иннинэ дьиэҕэр сөптөөх миэстэни тэрин, эйиэхэ ким да мэһэйдиэ суохтаах.
— Бэйэҥ сылайа иликкинэ бэлэмнэниэхтээххин.
— Сөпкө тыынар гимнастика оҥороруҥ туһалаах.
— Көмө матырыйаалларгын, кинигэлэргин барытын сааһылаа.
— Тэтэрээт, уруучука, харандаас барыта баар буолуохтаах, ол таһынан
саппаас эмиэ.
— Интэриниэт ситимигэр олорботуҥ ордук.
— Доруобуйаҕын көрүнэ сырыт, тумуу элбэх кэмигэр киһиэхэ кутталы
үөскэтэр, элбэх дьонноох сиргэ сылдьыма.
Эйиэхэ ситиһиилэри баҕарабыт! Барыта табыллыа, сатаныа диэн бигэ санаалаах, толкуйдаах буол!

Алена ПАВЛОВА,

Сунтаардааҕы психологическай киин социальнай педагога

Читайте дальше