Екатерина Им-Кэскилээнэ уопсастыбаннай үлэҕэ – 55 сыл

Сунтаарга түөлбэ үлэтин саҕалаабыт, сүрүннээбит дьонтон биирдэстэрэ СССРС кинематографиятын, СӨ култууратын туйгуннара, Сун­таар нэһилиэгин култууратын уонна социальнай  сайдыытыгар кылаатын иһин бэлиэлэрдээх Екатерина Лонкунова (Им)-Кэскилээнэ буолар.Бэйэтин кэмигэр элбэх бырайыагы олоххо киллэрбитэ: химия түөлбэтигэр оҕо былаһааккатын туттарбыта, нэһилиэккэ элбэх көҕөрдүү үлэтин ыыппыта. Туруу үлэһит, хорсун санаалаах далбар хотун Кэскилээ­нэ “Уопсастыбаннай үлэҕэ олоҕум 55 сылын анаатым ” диэн киэн тутта кэпсиир.

“Бу санаатахха, аан бастаан уопсастыбаннай үлэҕэ 12 саастаахпар сыстыбыт эбиппин. Ол саҕана, Мииринэй куоракка үөрэнэр кэммэр, Ленинградтан кэлбит учууталы кытта сибэкки, мас арааһын олордор этибит. Оҕо сылдьан баһылаабыт үөрүйэхтэрим олохпор олус көмөлөспүттэрэ. Онтон  сиэттэрэн да буолуо, Сунтаарга эмиэ көҕөрдүүгэ элбэх үлэни ыыппытым. Сайын 3 сезон устата көҕөрдүү лааҕырын оҕолорго тэрийэн үлэлэтэр этим. Оскуола-төрөппүт-түөлбэ диэн үлэлиирим. 2000 с. Сунтаар нэһилиэгэр түөлбэ үлэтин сүрүннээһин барбыта. Ол кэмҥэ олорор сирбэр Химия түөлбэтин тэрийбитим. Түөлбэ олохтоохторо Ващенколар, Саввиновтар, Ивановтар саҕалааһыммар олус көмөлөспүттэрэ. Ону тэҥэ дьокутааттар Иванов Е.И., Евсеев И.З. улаханнык өйөөбүттэрэ. Түөлбэнэн умнуллубат саҥа дьыллары тэрийбиппит. Билиҥҥилии эттэххэ “народное гуляние” оҥорор этибит. Түөлбэ сайдыытыгар элбэх үлэни ыыппыппын 50 сааспар билбитим. Үбүлүөйбэр түөлбэм олохтоохторо ыһыах тэрийбиттэрэ. Махтал бастыҥын эппиттэрэ, 10 таастаах бриллиант ытарҕа бэлэхтээн уйадыппыттара.

Сунтаар 3 №-дээх оскуолатыгар, “Партизан” кулуубугар үлэлиир сылларбар дьиэ ис-тас көрүҥэ кэрэ көстүүлээх буоларыгар улахан болҕомтобун уурбутум. Тэрилтэм тэлгэһэтигэр сайын сибэкки арааһын үүннэрэрим. Элбэх мас олордубуппут.

– Билигин түөлбэлэринэн үлэ төһө барар дии саныыгын?

– Мин үлэлээбит, тэрийбит түөлбэм салайааччытын Константин Тотоновы кытта олус үчүгэйдик билсэбит, кэпсэтэбит. Билигин түөлбэлэр бырайыак толкуйдаан араас граннарга кыттар кыахтаннылар. Ону таба туһаныахтарын наада.

Түөлбэ үлэтин биир эрэ киһи кыайбат. Олохтоохтор олорор сирдэрэ тупсарыгар, киэргэйэригэр элбэх буолан түмсэн, санааларын ууран туран үлэлиэхтээхтэр. Ол курдук, мин түөлбэм билигин олус сайдыбыт, кэҥээбит. Элбэх саҥа, эдэр ыал баар буолбут. Ону истэммин, көрөммүн үөрэбин. Саамай сүрүнэ олорор сирбитин ыраастык тутуохха. Сайын элбэх көҕөрдүү үлэтин ыытыахха. Оҕолорбут көрөн биһигиттэн холобур ылан үөрэнэллэрин курдук бэйэбититтэн саҕалыахха. Оччоҕо сирбит өссө тупсуо, киэркэйиэ, өр сылга сайдыа турдаҕа.

– Екатерина Николаевна,  билигин даҕаны эдэрдии эрчимнээххин. Дьокуускай куоракка көспүтүҥ син ыраата, тугунан дьарыктанаҕын?

– Мин 60 сааспар Сунтаарга үлэбин түмүктээн Дьокуускай куоракка көспүтүм. Сааһырдым диэн дьиэҕэ олорон хаалыа суохха наада. Син биир уопсастыбаннай үлэбин бырахпакка сылдьабын. Куйаар ситимэ сайдан үлэм халыыба кыратык уларыйда диэххэ сөп. Урут эт атахпынан сүүрэн-көтөн кэпсэтэр буоллахпына, билигин социальнай ситим сайдан төлөпүөнүнэн үлэлиирим элбээтэ. Үлэм хайысхата да кэҥээтэ. Дьон доруобуйатын тупсарартан саҕалаан кыаммат-түгэммэт, сүтэрсибит дьон булсарыгар көмөлөһөбүн. Ол курдук, ватсап ситимигэр 10-тан тахса бөлөх тэрийбитим. Бу бөлөхтөрбүнэн үлэ ыытабын. Өрөспүүбүлүкэҕэ саамай биллэр “Жди меня” диэн бассаап бөлөхтөөхпүн. Бу бөлөххө миэхэ Егор Мохночевскай диэн Аллараа Бэстээххэ олорор сүрүн көмөлөһөөччүлээхпин. Эдэр киһи диэтэххэ бэйэтэ баҕаран туран сүтэрсибит дьону көрдүүргэ элбэх сыратын ууран туран үлэлиир.  Манна араас биричиинэнэн сүтэрсибит дьону булсуһуннарабыт. Оскуола, устудьуон саҕанааҕы табаарыстар булсаллар. Улахан болҕомтобутун сүтэрсибит хаан-уруу аймахтарга уурабыт. Кинилэр булсалларыгар элбэх үлэни ыытабыт. Ол курдук, бу соторутааҕыта бөлөхпүтүгэр Ирина диэн саас ортолоох, оҕо дьиэтигэр иитиллибит дьахтар суруйан бииргэ төрөөбүттэрин көрдүүрүн туһунан биллэрбитэ. Онтон салгыы Ириналааҕы биэс бииргэ төрөөбүттэр булсубуттарын истэн НТВ ханаала “ДНК” биэриигэ ыҥырбыта. Бөлөхпүт үлэтэ үтүө түмүктээҕэ көһүннэ.

– Интэриэһинэй дьарыктаах эбиккин… Көрдүүр үлэни хайдах тэрийэҕин?

– Эппитим курдук бөлөххө соҕотох үлэлээбэппин, Егорум көмөлөһөр. Хас улуус аайы агеннаахпыт. Кинилэр пааспар остуолугар, нэһилиэк дьаһалтатыгар, архыыпка үлэлииллэр. Туоһу (көрдүүр) суругу сөпкө, сыыһата суох толорорго көмөлөһөбүт. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн “Көрдүүбүн” диэн иһитиннэриини тарҕатыыга үлэни күүскэ ыытабыт. Үксүн оҕо дьиэтин иитиллээччилэрэ бииргэ төрөөбүттэрин, аймахтарын көрдүүллэр. Сүрүн болҕомтобутун кинилэргэ уурабыт. Хас да сыл тухары элбэх уопут мустубут.

– Саастаах киһи сиэринэн доруобуйаҕын хайдах көрүнэҕин?

– Мин төрүттэрим эбэҥкилэр. Айылҕаҕа чугас норуот. Ол иһин, кэлиҥҥи сылларга төрүттэрбэр чугаһааммын хоту дойду норуоттарын култуураларын олус интэриэһиргиибин, сэргиибин, үөрэтэбин, айылҕалыын элбэхтик алтыһабын. Күннээҕи таҥаспар эбэҥки таҥаһын элэменнэрин кэтэр буоллум. Сорох дьон онтон соһуйар. Эбэҥкилэр айылҕаттан кытаанах доруобуйалаахтар. Эбэм, ийэм хойут сааһыран баран бу күн сириттэн күрэммиттэрэ. Кинилэр мэлдьи үлэ үөһүгэр сылдьаллара. Мин кинилэри утумнааммын эмиэ иллэҥ кэмэ суох буолар курдук күннээҕи дьарыкпын наардыыбын. Эрэсиими тутуһабын, аспын-таҥаспын көрүнэбин. Күҥҥэ икки чааһы иискэ аныыбын. Ону тэҥэ, уопсастыбаннай үлэттэн аккаастаммаппын. Аҕам саастаах, доруобуйаларынан хааччахтаах дьон эмтэнэр, чэбдигирэр санаторийдарыгар култуурунай тэрээһиннэри тэрийэбин. Онон хас биирдии күнүм, бириэмэм ыгым. Араас бырайыактарга ылсабын. Ол иһин, дьарыктаах буоларга дьулуһабын. Киһи сайдарыгар туһуламмыт үлэлэргэ кыттыһыахха наада.

Саастаах дьон буоларбыт быһыытынан сүбэ-ама биэрэргэ аһаҕас буолуохха. Дьону кытта алтыһыахха, саҥаны билэргэ дьулуһуохха диэн санаалаах хас биирдии күммүн атаарабын.

“Сунтаар сонуннарын” хаһыатын ааҕаччыларын чугастык бэйэм дьонум курдук ылынабын. Туох баарбынан, кистэлэ суох, аһаҕастык санаабын үллэһинним.

Мира АФАНАСЬЕВА

Читайте дальше