Бу күннэргэ ханна баҕарар от үлэтэ сыыйа саҕаланан бара турар. Улуус хайа баҕарар нэһилиэгэр, кураан күннэр тураннар, били, этэргэ дылы, кэҕэ үөһүн курдук күөх, үрдүк хаачыстыбалаах оттор сэмээр кэчигирээн эрэллэр. Сунтаар нэһилиэгэр да сүөһүлээх-астаах ыаллара таах олорботтор. Ол курдук уруккута, «ЛОР быраас» диэн аатынан норуокка биллибит Николай Дмитриевич Тихонов уһаайбатыгар добуочча улахан биир түгэх оттонно. Итини барытын кини ыаллар уһаайбаларын оттоон таһан кээстэ. Манна кини биир «кылаабынай» көмөлөһөөччүтүнэн Дьокуускай куорат оскуолатын үһүс кылааһын бүтэрбит Эркин Яковлев буолар эбит. Уолчаан сайын аайы эһэтигэр Сунтаарга кэлэрин туохтаааҕар да ордорор эбит. Уол окко эһэтин кытта тэҥҥэ сылдьыһар. Өссө да оттоомохтоон баран, аны сир астыыр былааннаахтар.

Манна таарыччы эттэххэ, уруккку ЛОР сылы эргиччи дьоҥҥо туһалаах араас үлэттэн күн солото суох. Күһүн буолла да муус ылыыта, онтон эт эрбээһинэ, чэ, соннук быыстала суох үлэ. Быыһыгар балыга, куһа… Николай Дмитриевич дьэ кырдьык, киһи чуҥкуйбат олохтоох киһитэ. Чэ, быһата киһи мургуна диэххэ сөп. Сиэнэ Эркин да тыа сирин сөбүлүүбүн диир.

Кыаллар гынан баран, бары даҕаны сиэннэрбитин ити Николай Дмитриевич курдук үлэҕэ үөрэтэн иитэрбит буоллар…

Бу күннэргэ халлаан олус сылыйан, таһырдьа тахсары да боппут кэмнэригэр ити эһээлээх сиэн от кэбиһэн буһа- хата сылдьалларын көрөн сөхтүм да, үөрдүм да.

Борис НИКОЛАЕВ

Читайте дальше