«Эдэр техник уонна саҥаны айааччы» куоҥкуруска — Сунтаартан

РФ Судаарыстыбаннай Дуумата тэрийэн ыыппыт X Бүтүн Арассыыйатааҕы кэмпириэнсийэҕэ барыта 75 регионтан эдэр техниктэр уонна саҥаны айааччылар кыттыыны ыллылар. Түмүктүүр түһүмэххэ 6-19-гар диэри саастаах кыттааччы 380 үлэтэ дьүүллүүр сүбэ иннигэр туруорулунна. Кэмпириэнсийэҕэ үөрэнээччилэр научнай үлэлэрин, оҥоһуктарын уонна прототиптарын быыстапкалаатылар. Манна Саха сирин араас улууһуттан 7 үөрэнээччи салайааччыларын кытта кытыннылар. Түмүккэ Саха сириттэн Николаев Эдвард «ИТ и образование» номинацияҕа «Краудфандинговая платформа для поддержки талантливых детей» бырайыагынан призер үрдүк аатын ылла. Эдвард И. С. Иванов аатынан Сунтаар 2-с нүөмэрдээх орто оскуолатыгар 7-с кылааска үөрэнэр. Иллэҥ кэмигэр Н.М. Родионова аатынан Сунтаардааҕы оҕо дьоҕурун сайыннарар кииҥҥэ ИТ куруһуогар педагог Петр Николаевка сөбүлээн дьарыктанар.

 

Бырайыагын туһунан Эдвард кылгастык маннык кэпсиир:

Краудфандинговай платформа диэн талааннаах оҕолор салгыы сайдалларыгар кыах биэрэр, биирдиилээн дьон, тэрилтэ үбүнэн көмөлөһөр, өйүүр бырайыактара. Салгыы бырайыакпын сайыннарар, чинчийэр үлэбин кэҥэтэр былааннаахпын.

Бүтүн Арассыыйа таһымнаах кэмпириэнсийэҕэ ситиһиилээхтик кыттан кэлбит дьоммут  баралларыгар күүс-көмө, өйөбүл буолбут «Сунтаар улууһа» МО баһылыга А.В. Григорьевка, баһылык бастакы солбуйааччыта Н.П. Александровка, улуустааҕы социальнай-экономическай сайдыы пуондатын салайааччы П. Ю. Ивановка уонна Сунтаардааҕы оҕо дьоҕурун сайыннарар киин дириэктэрэ А. В. Антоноваҕа истиҥ махталларын этэллэр.

Айна ЯКОВЛЕВА.

Читайте дальше