«Кыайыы диктана» Бүтүн Арассыыйатааҕы историческай аахсыйаҕа Арыылаах нэһилиэгин эдэр исписэлиистэрэ, олохтоохторо көхтөөхтүк кытыннылар. Ол курдук, Аҕа дойду сэриитин историятыгар билиилэрин чиҥэтэн, 25 ыйытыылаах тургутукка эппиэттээтилэр. Сыыстыбыт дуу, сөпкө эппиэттээтибит дуу диэн долгуйуу баар.
Аны сайын «Диктант Победы» официальнай сайтыгар киирэн түмүктэрин көрүөхтэрэ.
Александра ПАВЛОВА, бибилэтиэкэр