Силиһэ суох мас үүммэтин курдук төрдө ууһа суох киһи суох. Кэлиҥҥи кэмҥэ төрүччүнү үөрэтии, билии дириҥ суолталанан элбэх киһи бэйэтин төрүччүтүн үөрэтэр буолла. Ону тэҥэ, хас биирдии киһиэхэ удьуоруттан бэриллибит дьоҕурдаах буолар. Бу дьоҕур, талаан хантан кэлбитин билэр олус интэриэһинэй буолааччы…
Саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Кылаан Кындыл Сунтаарга аймахтарын булбут үһү диэн сонун тарҕанна. Маннык ураты куоластаах ырыаһыт Сунтаартан силис-мутук тардыстарын истэммин бэйэтигэр тахсан сиһилии кэпсэтэргэ сананным.
Кылаан Кындыл: “Арай биир үтүө күн миэхэ Сунтаартан Иннокентий Давыдович Васильев диэн биллэр урбаанньыт, Ил Түмэҥҥэ 5 созывка дьокутаатынан талыллан үлэлээбит аҕам саастаах киһи тахса сырытта. Кини төрүччүтүн оҥорбут эбит уонна хаан уруу аймахтарын билсэн саҕалаабыт. Бэйэм даҕаны бу кэмҥэ төрүттэрбэр чугаһаан сылдьар кэмим этэ. Кылаан диэн Бүлүүгэ төрүттэрим аатын ылынаммын Кылаан Кындыл буолбутум. Ол иһин, саҥа аймах дьону кытта билсэрбиттэн олус үөрбүтүм уонна сэргээбитим. Ол курдук, Сунтаартан саҕыллар төрүччүм Колесников Иван Ануфриевич диэнтэн саҕаланар. Аҕам эһэтэ буолар. Колесниковтар сыдьааннарыттан Васильевтар, Тимофеевтар, Лазаревтар, Сергеевтэр, Ивановтар, Дормидонтовтар тарҕаммыттар. Бу Колесниковтар Сунтаарга биллэр араспаанньа. Кинилэр учууталлар династияларын төрүттээбит үтүө дьон. Мин ийэм өттүнэн аймахтарбар ырыаҕа, култуураҕа дьоҕурдаах дьон суоҕун кэриэтэ. Онтум баара аҕам өттүнэн Сунтаарга баар аймахтарбыттан элбэх киһи ыллыыр, айар тутар, култуураҕа сыстаҕас дьон баар эбит. Владислав Васильев-Кылыһах эмиэ хаан уруу аймаҕым. Онон удьуортан дьоҕур, талаан бэриллэрин итэҕэйдим. Эрдэ дьоммун сүтэрбит буолан тулаайах курдук санана сылдьар кэммэр маннык хаан уруу аймахтары булуу дьолго тэҥнээх. Онон үөрүүм муҥура суох. Салгыы билсэн, кэпсэтэн, аймахтаһан иһиэхпит. Бу Дьокуускай куоракка алтынньы 5 күнүгэр айар киэһэбин ыытыаҕым. Ол онно эһиги биир дойдулааххыт Иван Иванов “Ферма кыргыттарын” ырыатын толоруоҕум. Мантан кыһын бу айар киэһэм бырагырааматынан Бүлүү бөлөх улуустарыгар айаҥҥа турунуоҕум. Сунтаарга анаан-минээн тиийэр санаалаахпын. Онон Сунтаарга көрсүөххэ диэри!”
Төрдү-ууһу үөрэтии ааспыт олоҕу билэргэ, билиҥҥини сыаналыырга, инникини өтө көрөн, онно холоон дьаһанарга суолталаах.
Силиһэ суох мас үүммэтин курдук төрдө ууһа суох киһи суох. Кэлиҥҥи кэмҥэ төрүччүнү үөрэтии, билии дириҥ суолталанан элбэх киһи бэйэтин төрүччүтүн үөрэтэр буолла. Ону тэҥэ, хас биирдии киһиэхэ удьуоруттан бэриллибит дьоҕурдаах буолар. Бу дьоҕур, талаан хантан кэлбитин билэр олус интэриэһинэй буолааччы…
Мира АФАНАСЬЕВА