Ытык кырдьаҕас модун санаата, олорон кэлбит дьоһун олоҕо ыччат дьоҥҥо үтүөнү түстүүр, холобур буолар.
Биһиги хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта – күн-күбэй ийэ, эбээ, хос эбээ Дьаархан нэһилиэгин олохтооҕо, үлэ, тыыл бэтэрээнэ, биэс оҕону төрөтөн улаатыннарбыт, «Аҕа дойду сэриитин 1941-1945 сс. килбиэннээх үлэтин иһин», «Сэрии сылларын оҕолоро», «Сэрии бэтэрээнэ» өйдөбүнньүк бэлиэлэринэн бэлиэтэммит Марфа Яковлевна Уарова. Ытык кырдьаҕас быйыл 92-с хаарын сүһүөҕүн үрдүгэр көрүстэ. Кини сырдык сэбэрэлээх, сэмэй, холку майгылаах, күлэн, мичилийэн сылааһынан сыдьаайар үтүө киһи. Эдэр сааһыттан ыанньыксыттаан, от үлэтигэр онтон кэлин уһуйааҥҥа күргүөмнээхтик үлэ үөһүгэр сылдьыбыт бүгүрү үлэһит.
Мааппа 1932 с. Куоһаан сиригэр Уаровтарга үһүс оҕонон күн сирин көрбүт. Аҕата Уаров Яков Саввич Ынах Маарыттан төрүттээх Куоһаан олохтооҕо эбит. Ийэтэ Ксения, Уһун Күөл Тыһакыыһын Төбөт уустарыттан төрүттээх. Марфа Яковлевна сэттэ кыыс бииргэ төрөөбүттээҕиттэн үс буолан хаалбыттар. Ийэлэрэ Ксения эдэр сааһыгар ыалдьан суох буолбут. Оҕолор ийэтэ суох тулаайах хаалан, аҕалара сэриигэ ыҥырыллыбатах.
Марфа Яковлевна сэрии сылларыгар ааспыт оҕо сааһын, олоҕун маннык сэһэргиир:
– Аҕабыт соҕотоҕун хаалан үс кыра оҕону бэйэтэ көрөн-харайан киһи гынаттаабыта. Сэрии аймалҕана саҕаланан, аас-туор олох, аччыктааһын саҕаламмыта. Бу кэмнэргэ уот кураан, аһыҥа туран, от, бурдук олох үүммэтэҕэ. Аччыктыыр, тоҥор муҥун көрөн улааппыппыт. Аҕабыт олус үлэһит киһи этэ. Ат массыынатынан бурдук быстарара, от оҕустарара. Бурдук быстара сылдьан кутуйах хаһааһын буллаҕына, ону хомуйан аҕалан, хатаран, суорунаҕа бурдук мэлийэрэ, онон астанан, килиэптэнэн, хааһылаан сиирбит. Ардыгар кииһилэни хааһыбытыгар булкуйан, мэһийэн аһылыктанар этибит. Бэс сутукатын хастаан ылан, оргутан, хааһыга кутар олус минньигэс буолара. Маны тото сиэн баран испит сараччы үллэр этэ, отой куртахпыт ыалдьыар диэри сиир этибит. Саас бэс мас хатырыгын иһин хастаан биэрдэхтэринэ, ону хас да ууга кутан аһылыктанарбыт. Хам-хаадьаа бурдук баар буоллаҕына, убаҕас гынан хааһылыырбыт. Оттон сайын кииһилэни, бүөр оту хомуйан оргутан, ууга булкуйан барбах бурдуктаан иһэр этибит. Ойуурга тахсан уҥуохтаах отону хомуйан сиирбит. Ас-таҥас олох суоҕа, муор-туор, ынырык сыллар ааспыттара. 10-ча сааспытыттан үлэлээн, айахпытын ииттибиппит. Холкуос үлэтигэр 16-18 сааспытыттан сыстан, үлэлээн барбыппыт.
Кэргэмминээн Николайдыын 1957 с. ыал буолбуппут. Утуу-субуу 5 оҕону күн сирин көрдөрбүппүт. Кэргэним эдэр сааһыгар эмискэ күн сириттэн күрэммитэ.
Мин кэлин 1967-1986 сс. дьааһыла-саадка үлэлээбитим. Бииргэ төрөөбүт балтыларым Елена, Анастасия оҕо-уруу төрөтөн, олохторун оҥостубуттара, билигин биһиги кэккэбитигэр суохтар. Оҕолорум бары ыал буоланнар, үлэлэнэн-хамнастанан, сиэннэрдэнэммин, хос сиэннэри көрөммүн орто дойду олоҕун толору биллим. Оҕолорбун, сиэннэрбин көрсөн-харайсан олорорбуттан толору дьоллоохпун дэнэбин.
Бу курдук Марфа Яковлевна олоҕун устатын тухары үлэлээн-хамсаан, олох араас ыараханын ааһан, күн бүгүнүгэр диэри дьиэ кэргэнигэр түбүгүрэн, күүс-көмө буола сылдьар. Аҕам саастаах ытык кырдьаҕас, өссө да сүүс сааскар диэри чугас дьонуҥ тапталларыгар угуттанан этэҥҥэ сылдьаргар баҕарабыт.
Биһиги корр.