«Дьулуурга» дьарыктаннылар

Күөх сайыҥҥа көччүйэ оонньоон, эти-хааны сайыннаран оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнарын туһалаахтык атаардылар. Билиҥҥи кэмҥэ үгүс оҕо дьиэтигэр компьютер, төлөпүөн, тэлэбиисэр иннигэр өр кэм олороро баар суол. Онон күннээҕи олоххо эти-хааны чэбдигирдэр дьарыктар олус наадалаахтар.

Төрдүс сылын «Дьулуур»  диэн ааттаах  «Туллукчаан» оҕо  сайдар киинин физинструктора Юрий Васильев тэрийэр, оҕолору эт-хаан өттүнэн сайыннарар дьарыга быйыл эмиэ үлэлээн иккис сезона түмүктэннэ. Кини кэргэнинээн Дария Васильевалыын бэйэлэрин дьиэлэригэр, мини-успорт саалаларыгар, сибиэһэй салгыҥҥа, айылҕаҕа, былаһааккаларга, стадиоҥҥа сылдьан оҕолору көрөн-истэн дьарыктаатылар.

Быйыл сайын сатабыллаах педагог тэлгэһэтигэр оҕолору дьарыктыыр сарай тутан дьэндэппитэ. Оҕолор онно олорон интеллектуальнай остуол араас оонньууларын оонньоотулар.   Бастакы сезоҥҥа 25 оҕо, иккискэ 18 оҕо астына сырытта. Бу сезон уратытынан остуол оонньуутун федерациятын бэрэссэдээтэлэ Мария Васильева АТАРИ «ГО» диэн японскай оонньууну билиһиннэрбитин оҕолор олус сэргээбиттэр. Ону таһынан, бэйэтэ толкуйдаан оҥорбут оонньууларын эмиэ оонньоппут.

Дьарыкка хас биирдии оҕо тус-туһунан кыаҕын көрөн учуоттааһын буолар. Манна саха төрүт оонньуулара уонна боксаҕа бастакы хардыылары билиһиннэрии, үөрэтии киирбит. Хамсаныылаах оонньуу, дьарык оҕо иллэҥ бириэмэтин туһалаахтык атаарарыгар, доруобуйатын тупсарарыгар уонна өй-санаа өттүнэн сайдарыгар улахан оруоллаах.

«Оҕолор үөрэ-көтө дьарыкка кэлэллэрэ, дьарык хаһан өссө буоларын кэтэһэллэрэ, төрөппүт истиҥ махтала туохтааҕар да күндү» диэн Васильевтар санааларын үллэстэллэр.

 

Алена ИВАНОВА