«Дьулуур»-дар — Дьаархаҥҥа

С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан улуустааҕы норуот айымньытын киинин иһинэн «Дьулуур» эр дьон ыллыыр ансаамбыла тэриллибитэ сыл буолла. Бу кэм устата ансаамбыл Сунтаарга ыытыллар үгүс тэрээһиҥҥэ кыттан кэллэ. Ол иһигэр араас аһымал кэнсиэрдэри, «Өрөгөй», «Айхал» ансаамбыллары, «Хаһыы» бөлөҕү кытары кыттыгас тэрээһиннэри, Ньурбаҕа ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи айар күрэскэ Кылаан бирииһи, о.д.а. ааттыахха сөп.

Бэҕэһээ, сэтинньи 11 күнүгэр «ДЬУЛУУР» бастакы айар айаныгар турунна: Дьаархан нэһилиэгин «Одун» норуот айар киинигэр аан бастакы толору кэнсиэрин көрдөрдө. Балтараа чаастан ордук кэм устата барбыт кэнсиэри дьон-сэргэ биир тыынынан көрдө.

«Дьулуур» ырыаһыт эр дьоно мантан салгыы өссө турунан үлэлииргэ санаалахтар. Күннээҕи түбүктэн быыс буллаллар эрэ, баҕар, улуус атын да нэһилиэктэригэр тиийэн ыллаан-туойан, бар дьоннорун сэргэхситэн кэлиэхтэрэ.

Ансаамбыл кыттыылаахтара бу айаны тэрийэргэ күүс-көмө өйөбүл буолбут улуус Култууратын уонна айылгытын салалтатын салайааччыта С.Д. Омуковаҕа, улуустааҕы Норуот айымньытын киинин салайааччыта А.Д. Седалищевка, «Одун» салайааччыта В.В. Васильевка, үлэһиттэрэ А.Николаеваҕа, Д.Кондратьевка, суоппар В.Алексеевка, Дьаархан олохтоохторугар барҕа махталларын тириэрдэллэр.

Кэнсиэркэ сылдьыбыт Дьаархан нэһилиэгин олохтоохторо сэргэх ырыалардаах, талааннаах эр дьон «тыыннаах» кэнсиэртэригэр сылдьан күннээҕи түбүктэн дуоһуйа сынньанан, астынан, махтана тарҕастылар.

«Сунтаар сонуннара» хаһыат