Сунтаар улууһа дьоруойдарбытынан киэн туттабыт. Дьокуускай «Моя Россия» түмэлин хамсааһынынан дойду Дьоруойа Дмитрий Егоров сэрии толоонуттан булуллубут тэриллэрэ дойдутугар кэлэн кɵһɵ сылдьар быыстапка тэриллэр.
Аан бастаан дойдутугар Арыылаахха турбута, ол кэннэ нэһилиэктэри кэрийэн Бордоҥҥо кэллэ. Дириҥ суолталаах, ытык ɵйдɵбүллээх быыстапканы баһылык Константин Уаров Сунтаартан бэйэтинэн аҕалан, оскуола линейката ыытылынна, дьоруой олоҕун, хорсун быһыытынан туһунан Арыылаахтар бэлэмнээбит сырдатыыларын көрүү, кини туһунан ахтыы, оҕолор санааларын истии буолла.
Кɵһɵ сылдьар быыстапка кɵмɵтүнэн ыччат дойду Дьоруойун билэр, патриот буола иитиллэригэр тɵһүү буолар.
Дойдубут дьоруойун хорсун быһыыта иһиллэринэн эрэ буолбакка, илэ-чахчы уоттаах толооҥҥо харыстаммыт куйаҕа бэйэтинэн кэлэн көрдөрүүгэ турбута киһини улаханнык долгутар.
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА