Дьоруой уолбут Филипп 5-7 кылаастарга үөрэппит учуутала Альбина Саввинованы кытта кэпсэтэ сырыттыбыт:
– Мин саҥа үөрэхпин бүтэрэн кэлбитим кэннэ миэхэ Филипп үөрэнэр кылааһын туттарбыттара. Онно кини бииргэ төрөөбүт быраатын кытта үөрэммитэ. Оҕо оҕо курдук олус сытыы, биир сиргэ өр түптээн олорбот оҕо этэ. Улаатан баран олус сэмэй, боростуой киһи буола улааппытыттан, Дьоруой буолбутуттан мин олус үөрэбин, киэн туттабын.
Николай Иванов, Сунтаар нэһилиэгин олохтооҕо:
– Биллэн турар, биир дойдулаахпыт, Сунтаар уола Арассыыйа Дьоруойа буолбутуттан олус үөрэбин. Анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар биир дойдулаахтарбыт хайҕабылга сылдьалларын истэн билэбин. Филипп да куруук инники күөҥҥэ сылдьан, Арассыыйа Дьоруойа буолары ситистэҕэ дии.
Ульяна Трофимова, Дьокуускай куорат олохтооҕо:
– Мин төһө да куоракка олордорбун, улууһум сонунун билэ-истэ олоробун. Күндэйэ уола Филипп Евсеев Арассыыйа Дьоруойа буолбутун туһунан Сунтаардааҕы дьүөгэлэрим кэпсээбиттэрэ. Чахчы хорсун быһыыны оҥорон, итинник үрдүк аакка тигистэҕэ. Сахабыт уолаттарынан, кинилэр хорсун быһыыларынан бүттүүн Сахабыт сирэ киэн туттар.
Гаврил АНДРЕЕВ.