Кулун тутар 19 күнүгэр Сиэйэ нэһилиэгэр М.Н.Анисимов аатынан орто оскуолаҕа Арассыыйа уонна Донецкай норуодунай өрөспүүбүлүкэ Дьоруойа «Сунтаар» диэн позывнойдаах Дмитрий Николаевич Егоров анал байыаннай дьайыыга сылдьан, олоҕун тиһэх күнүгэр диэри кэтэ сылдьыбыт бронежилета, «Сунтаар» диэн суруктаах каската уонна Санкт-Петербург худуоһунньуга Виктор Черков дьоруойу ойуулаабыт мэтириэтэ көрдөрүүгэ кэллэ. Бу маллары Дьокуускай куорат «Россия — мин историям» история түмэлиттэн аҕаллылар. Дьоруой малын көрсөр түгэҥҥэ Уһун Күөл нэһилиэгиттэн баһылык Иван Николаев, Л.Попов аатынан орто оскуола үлэһиттэрэ Надежда Петрова салайааччылаах бөлөх, Сиэйэ нэһилиэгин баһылыга Александр Романов биир дойдулаахпыт туһунан истиҥник-иһирэхтик кэпсээтилэр. Дьоруой өйдөбүнньүк быыстапката ыччакка төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу суолтатын үрдэтэн, бары нэһилиэктэри кэрийиэҕэ.
Мария ЕФИМОВА