Дьоруой Ийэ Ирина Мисаиловна

«Киһи барахсан мутугун быраҕар муҥур үйэтигэр кэрэ-бэлиэ кэрдииһигэр, кэмэ кэллэҕинэ олорон ааспыт олоҕун, суолун омоонун эргиллэн көрөр, туох үчүгэйи ситиспитин, туһалааҕы оҥорбутун өйдөөн-санаан кэлэр айылҕалаах”.

Юлия-Айархаана АЛЕКСЕЕВА

 

Бу маннык дириҥ ис хоһоонноох этии­лэртэн саҕаланар Сунтаар олохтооҕо Нюргуяна Филиппова ийэ­тигэр, дьонугар-сэргэтигэр анаабыт «Күн күбэй ийэм туһунан истиҥ иһирэх ахтыым» диэн кинигэтэ.

Билигин сайдыылаах олохпутугар билиҥҥи көлүөнэ дьоҥҥо бары-барыта баар, ас арааһа, таҥас-сап талбыккынан, үөрэхтээх, идэлээх, толкуйдаах, харчылаах эрэ буолуоххун наада… Оттон оол-ол отутус сылларга күн сирин көрбүт, оҕо саастара сэрии ыар сылларыгар ааспыт дьон, барахсаттар уустук олохторун урут-хойут  кэпсээн хаалларбыттарын билиҥҥи көлүөнэ дьон сөҕө-махтайа саныыр, сорох оннук ыарахан олох кэлэн ааспытын өйүгэр батарбат даҕаны.

Төһө даҕаны кэм-кэрдии ааспытын иһин, ыарахан үлэттэн илиилэрин араарбатах дьоммутун, ыарахан кэмҥэ элбэх оҕону төрөтөн киһи-хара гыммыт Дьоруой ийэлэри билигин төһө кыалларынан кинилэр олохторун сырдатан, махтанан ааттарын үйэтитэр ытык иэстээхпит.

Ирина Мисаиловна Филиппова 1936 с. Күндэйэҕэ төрөөбүтэ. Кини ол  кэмҥэ кыра эрдэҕиттэн тулаайах хаалан аймах дьонноругар көһө сылдьан иитиллибитэ. Кэргэнэ Филиппов Прокопий Максимович фермаҕа бостууктуура. Кинилэр 1959 с. ыал буолан 11  оҕоҕо күн сирин көрдөрөн, уон оҕону атаҕар туруорбуттара. Ирина Мисаиловна Дьоруой Ийэ, кини эдэр сааһыгар огдообо хаалан ыччаттарыгар аттыларыгар баар холобур буолбута. Кинигэ ааптара, кыыстара Нюргустана Филиппова, Сунтаардааҕы технологическай колледж биир талааннаах, минньигэс астаах асчыта. Кини бу дьонугар анаммыт кинигэтигэр бииргэ төрөөбүттэрин, урууларын бу икки уустук олохтоох төрөппүттэрин туһунан ахтан-санаан ааһаллар:

Аҕабыт Түбэйтэн төрүттээх Филиппов Прокопий Максимович, эдэр эрдэҕиттэн ыарыһах да буоллар сопхуос үлэтиттэн илиитин араарбакка өр сылларыгар үлэлээбитэ. Кыһынын аҕабыт сыарҕалаах атынан ферма оҕотун барытын детсадка, оскуолаҕа таһара. Ыалдьан балыыһаҕа киирдэҕинэ дьонугар наһаа үчүгэйдик күрүчүөгүнэн ону-маны баайан илии тутуурдаах – кэһиилээх тахсара. Сайынын мотуордаах бэлисипиэтинэн ферма оҕолорун барыларын хатааһылатан оонньуура. Окко киириэххэ диэри сайын оттук маһы бэлэмниирэ, хайытан бүттэхтэринэ бары күргүөмүнэн тахсан сааһылаан, туруоран кэбиһэрбит. Уолаттар ити курдук үлэлээн-хамсаан сайыны билбэккэ аһараллара.

Дьоруой ийэ Ирина Мисаиловна ахтыытыттан. Сэрии саҕана күүстээх, кыахтаах дьоммут бары барбыттарын кэннэ, оҕолор, кырдьаҕастар хааланнар сайыҥҥы өттүгэр күүс-көмө буолбуппут. Кыанар дьон тахсаммыт буолабытын оҕуһунан хорутарбыт. Буолаларга бурдук ыһаллара, турнепс, хортуоппуй олордоллоро. Сэрии сылларыгар курааннаан үүнүү мөлтөҕө. Күһүн оскуолаҕа барыахха дылы дьоммутугар күн тахсыаҕыттан киэһэ хараҥарыар диэри көмөлөһөрбүт. Мин кыра хачаайы буолан оҕус үүрээччинэн, ынах сылгылааччынан сылдьарым. Дьабарааскы хаһааһын булбуттары балыырга хаайыыга ыыталлара. Күһүн атах таҥаһа суох буолан, атахпыт тоҥноҕуна ынах саахтаан ааспыт сааҕыгар үктэнэн иттэрбит. Таҥас суох буолан эмээхситтэр ынах тириитинэн тигэн биэрэллэрэ. Оскуолаҕа үһүс кылааска диэри үөрэнэн баран олорор сирим ыраах буолан тохтообутум. Киһи буолар санааттан ыалларга үлэлээн айахпын булунарым. Улаатан, ыанньыксыттыы сылдьан олоҕум аргыһын көрсөн ыал буолбтум.

Филипповтар саҥа ыал тэриллээт Ханчы диэн фермаҕа олорбуттара. Оҕолор сайынын Ньэккэй, Туруйа, Элгээн ыалларын сайылыктарынан тарҕаһаллара. Ийэбит саҥа төрүүр сүөһүлэри кыһаллан-мүһэллэн көрөр-истэр, харайар буолан үүттээх ынах оҥортуура, дьэ оннук үүттээх ынахтары талан ылаттаан «Александра» диэн фермаҕа биэрэн иһэллэрэ наһаа хомолтолооҕо. Ийэбит барахсан туох даҕаны мэлдьэҕэ суох мэтэллээх ыанньыксыт буолуон сөптөөҕө…

Төрөппүттэрбит оҕолору кытта тэҥҥэ тахсан лапталыыллара, сүүрэллэрэ-көтөллөрө. Саҥа дьылга ийэбит быыс булан барыбытыгар маскарааппытын тигэттиирэ. Ферма иһинэн ыытыллар тэрээһиннэргэ ийэбит көхтөөхтүк кыттара. Уолаттара бултаан аҕалбыт түүлээхтэрин таҥастыыра, имитэрэ. Айылҕаттан талааннаах маастар этэ. Миэхэ, 5-6-с кылааска сырыттахпына куобах өрөҕөтүнэн бэргэһэ тикпиттээҕэ. Оскуолаҕа кэтэн барбыппар, миигин учительскайга ыҥырбыттара. Ийэбинээн оскуолаҕа тиийбиппитигэр «кыыскар кырса бэргэһэ ылан биэрбиккин, оскуоланы бүтэрэ даҕаны илигинэ» диэн учууталлар ортолоругар дьүүллэммиппит. Билигин санаатахха, маҕаһыын да бэргэһэтинээҕэр ордоро. Оннук илиитигэр талааннааҕа. Ийэбит төһө даҕаны элбэх оҕолоох далбар хотун буоллар, хаһан даҕаны кыыһыран тымта сылдьыбата. Ким эбит туохха эмит алҕаһаабыт, сыыспыт буоллахтарына мөхпөккө уу наллаан өйдөтөн, быһааран биэрэрэ. Сүрдээх сатабыллаах, холку майгылааҕа. Оҕо сылдьан дьиэрэҥкэйдээн хаамар буоларым диирэ.

Ийэбит бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбытын да үрдүнэн быар куустаан, таах олорботоҕо. Кини «киһи хамсыы сылдьыахтаах» диэн тыллааҕа. Сиэннэрин көрсөрө, тирии имитэн, таҥас тигэттиирэ. Уолаттара үөрэнэ, аармыйаҕа барбыттарын кэннэ сааһырбыт кэмигэр оттууругар кыыһа уоппускатын ылан кэлэрин күүтэн окко тахсааччылар. От охсуллар кэмигэр доҕор буолан барсан отууга аһылыгын бэлэмниирэ. Үксүн илии үлэтэ буолан ыарахан этэ, кини бугуллара мэлдьи улахан буолааччылар. Бэйэбит тиэхиньикэтэ суох буолан дьон оттоон бүттэҕинэ кээһэрбит, онно ийэбит бугула хаста да атарыллан улахан буолара. Ардахтаах дьыл ийэбит бугула ардахха хотторбот, күөх оттоох буоларбыт. Үүт, сүөгэй, эт, барыанньа арааһа мэлдьи баара.

Билигин биһиги төрөппүттэрбит үтүө ааттарыгар сүгүрүйэн, кинилэр холобурдарын олохпутугар туһанан, Сахабыт сирин араас улуустарынан тарҕанан, тэнийэн кинилэр ааттарын ааттата сылдьабыт.

Дьоруой ийэ аатын үйэтитэн кини төрөөбүт дойдутугар – Күндэйэҕэ Дьоруой ийэлэр мөссүөннэрин  мраморга анал стендэлээх сквер оҥоһуллубута. Бу сквери толкуйдаан, олоххо киллэрэн оҥотторбут дьоҥҥо халыҥ аймах махталлара муҥура суох.

Читайте дальше