Дьоруой Филипп эһэлэрэ – Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтара

Бүгүн Арассыыйа Дьоруойа ааты ылбыт Сунтаар улууһун уола Филипп  Александрович
ийэтинэн эһэтэ Ващенко Николай Михайлович Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, 1942 с.ыҥырыллан Курскайдааҕы кырыктаах кыргыһыыга кыттыбыта.
Оттон аҕатынан эһэтэ Евсеев Филипп Андреевич Аҕа дойду сэриитигэр 1943 сыл  ыҥырыллан, сырдык тыына сэрии толоонугар быстыбыта.
Бу икки Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Ийэ дойдуларын өстөөхтөн көмүскээбит үтүө дьон сыдьааннара буолар эбит Арассыыйа Дьоруойа Филипп Евсеев.
  «Сунтаар сонуннара» улуус хаһыата.

Читайте дальше