Дьоруой Дмитрий Егоров маллара төрөөбүт улууһугар быыстапкаҕа туруохтара

Бүгүн, кулун тутар 4 күнүгэр, Дьокуускай куоракка «Россия — моя история» түмэлгэ биир дойдулаахпыт, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, Арассыыйа Дьоруойа Дмитрий Егоров хаартыскатыттан хартыынатын, кэтэ сылдьыбыт бронежилетын, шлемун, Дьоруойун сулуһун, грамотатын кылгас кэмҥэ Сунтаар улууһугар ыытарга туттарсыы буолла. Манна Арассыыйаттан буойуттар дьиэ кэргэннэрин кэмитиэтин салайааччыта Марина Бахилина, Арассыыйа уопсастыбаннай палататыттан Наталья Кашперская, Саха сирин Ил Дарханын, бырабыыталыстыбатын дьаһалтатыттан Надежда Федорова, Михаил Донской, Айсен Созонов, Сунтаарбыт улууһуттан бэрэстэбиитэл Семен Глухарев, С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан Сунтаардааҕы холбоһуктаах түмэл үлэһитэ Николай Омуков, дьоруойбут кэргэнэ Надежда Андреева кыттыыны ыллылар. Бу киһи сүгүрүйэр, сүрэҕэ нүөлүйэр, харах уута тахсар, киэн туттар маллара улууспут нэһилиэктэринэн анал графигынан көһө сылдьар быыстапка буолан айаннаан, патриоттуу иитиигэ улахан суолталаах тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Санатан этэр буоллахха, сэтинньи ыйга улууспут Аҕа баһылыга Анатолий Григорьев Дьоруойбут шлемун, бронежилетын ити түмэлгэ харайыыга диэн туттарбыта. Салгыы дойду бары Дьоруойдарын туһунан иһитиннэриилэр «Россия — моя история» түмэлгэ туруохтара.

Николай ОМУКОВ

Читайте дальше