Доруобуйаларын бөҕөргөтүнэллэр

«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда  филиала уонна «Бэс Чагда» санаторнай-курортнай эмтээһин тэрилтэтэ сөбүлэҥ түһэрсэн, ыкса сибээстээхтик үлэлииллэр.

Саха сириттэн байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан доруобуйаларын чэбдигирдэллэригэр ситимнээх үлэ барар.

Сунтаар улууһун социальнай пуонда координатора Варвара Яковлева санаторий бэрэстэбиитэлин кытта үлэлэһэн, байыаннай дьайыы кыттыылааҕын ийэтэ Анна Корнилова «Бэс Чагда» санаторийга чэпчэтиилээх путевка ылан сынньана, эмтэнэ сылдьар.

«Пуонда филиалыгар путевканы ылыыга көмө буолбуккутугар ис сүрэхпиттэн махтанабын. Мин кулун тутар 20 күнүттэн үчүгэй эмтэниини, доруобуйабын бөҕөргөтүүнү ааһа сылдьабын. Усулуобуйа олус бэрт. Үлэһиттэр, быраастар болҕомтолоохтук, олус кыһаллан, көрөн-истэн сыһыаннастылар. Кинилэргэ улахан махталбын тириэрдэбин. «Бэс Чагда» санаторийга ситиһиини, сайдыыны баҕарабын», – диэн байыаннай дьайыы кыттыылааҕын ийэтэ санаатын үллэстэр. Онтон бу күннэргэ байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, Анна Степановна төрөппүт уола уоппускатын ылан бу санаторийга кэлэн, доруобуйатыгар реабилитацияны ааһа сылдьар.

Санатан эттэххэ, санаторнай-курортнай эмтэниигэ чэпчэтиилээх путевканы оҥоруу боппуруостарын пуонда филиалын социальнай координатордарыттан чуолкайдаһыахтарын сөп. Чэпчэтиилээх эмтэниини Арассыыйабыт иһигэр, Саха сиригэр олорор байыаннай дьайыы кыттыылааҕын төрөппүттэрэ (опекуннара) үс сылга биирдэ туһаныллар.

Алена ИВАНОВА

Читайте дальше