Бу сылга киирэн баран, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр анаммыт массыыналар күлүүстэрин Ил Дархан Айсен Николаев улуустар кылаабынай быраастарыгар туттартаата. Ол курдук, «Доруобуйа» национальнай бырайыак чэрчитинэн тохсунньуга 32 массыына кэлбититтэн 25 улууска бэрилиннилэр. Ол иһигэр биһиги улууспутугар — икки массыына. Бу саҥа кэлбит массыыналар медицина бастакы сүһүөҕэр анаан оҥоһуллубут буоланнар, олус табыгастаахтар, ыарыһахтары балыыһаҕа аҕалар уонна ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга лабораторнай чинчийиигэ аналлаах матырыйааллары, эмтиир препараттары тиксэрэргэ анаммыттар.
«Бу — медицинскэй көмөнү оҥоруу саҥа таһымыгар эппиэттиир тырааныспар. Биһиги бэрэсидьиэммит Владимир Путин ыытар бэлиитикэтэ, ону өрөспүүбүлүкэ салалтата салгыы ыытыаҕа. Доруобуйа харыстабыла куруутун бастакы суолталаах боппуруостарга киирэр, нэһилиэнньэ уһун олохтоох уонна доруобай буоларыгар болҕомто хаһан баҕарар ууруллуохтаах» диэн Айсен Николаев улуустарга массыына күлүүһүн үөрүүлээх быһыыга туттарарыгар эппитэ.
Улуус кылаабынай бырааһа Анатолий Назаров биир кэмҥэ икки массыынаны улууспутугар анаабыттарыттан үөрүүтэ улахан: « Бүгүҥҥү күҥҥэ медицинскэй тэрилтэлэр материальнай-техническэй базаларын тупсарыыга өрөспүүбүлүкэ салалтатын өттүттэн улахан үлэ ыытыллар. Саҥардыыны медтиэхиньикэҕэ эрэ буолбакка, медицина эбийиэктэригэр уонна массыыналарга баар. Билигин бу икки массыынабытын Дьокуускайга докумуоннаһан, ис өттүгэр сылытыытын оҥостон баран, суоппардар кэлэр нэдиэлэ диэки сүүрдэн аҕалыахтара. Онтон анаммыт нэһилиэктэрин балыыһаларыгар туттарыахпыт.
Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээн олоххо киллэрбит «Доруобуйа национальнай» бырайыак чэрчитинэн бу кэлиҥҥи сылга биһиги улууспутугар 12 массыына баар буолла. Бу кэлбит массыыналар үлэһиттэри, ыарыһахтары таһыыга, медицинскэй өҥөлөрү оҥорууга олус табыгастаахтар», — диэн санаатын үллэһиннэ.
Яина ВЛАСЬЕВА